Салгыы
Атах тымырдарыгар Саха сирин устуоруйатыгар бастакы эпэрээссийэни оҥордулар

Атах тымырдарыгар Саха сирин устуоруйатыгар бастакы эпэрээссийэни оҥордулар

11.12.2022, 13:00
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Суһал мэдиссиинискэй көмө киинин ыарыыны быһаарарга уонна эмтииргэ рентгенохирургия  ньымаларын отделениетын быраастара атах  тымырдарыгар Саха сирин устуоруйатыгар бастакы эпэрээссийэни оҥордулар.

Бу балыыһаҕа биир нэдиэлэҕэ Boston Scientific фирма «Jetstream PVCN 100» үрдүк технологиялаах мэдиссиинискэй аппаратын  көмөтүнэн атах тымырдарыгар эпэрээссийэлэр ситиһиилээхтик оҥоһулуннулар. Быйыл күһүн ылыллыбыт аппараакка 5 ыарыһах эпэрээссийэлэннэ. Билигин ыарыһахтар бары үтүөрэн балыыһаттан таҕыстылар.
«Тымырдарга мэдиссиинискэй процедуралар уустугуран иһэллэр. Эмтэнээччилэр ахсааннара элбиирэ, саҥа тэриллэри оҥоруу уонна малоинвазивнай процедуралар уустуктара элбиирэ үлэлиир усулуобуйаны тупсарыы наадатыгар тириэрдэллэр. Ол иһин, биһиги балыыһабыт салалтата бу «Jetstream PVCN 100» аппарааты атыылаһарга быһаарыммыта. Үрдүк технологиялаах мэдиссиинискэй тэрил биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр соҕотох», – диэн  Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа Сардаҥа диагностикатын киинин салайааччы Дыгын Попов быһаарда.
«Сэтинньи саҥатыгар ыарыыны быһаарарга уонна эмтииргэ рентгенохирургия ньымаларын отделениелтын быраастара бу тэрилгэ үлэлииллэригэр маастар-кылаастары ыыппыппыт. Кинилэр үөрэнээттэрин кытары тута бастакы эпэрээссийэлэнээччилэргэ ротационнай атероэктомияны оҥорбуппут. Периферическай артериялар кыарааһыннарын сүрүн төрүөтүнэн атеросклероз буолар. Саҥа аппараатынан ыарыы содулуттан уонна инбэлииккэ тахсыыттан элбэх ыарыһаҕы быыһыахпыт дии саныыбыт», – диэн ыарыыны быһаарарга уонна эмтииргэ рентгенохирургия ньымаларын отделениетын сэбиэдиссэйэ Владимир Докунаев кэпсээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: