Салгыы
Атамайдар киэн тутталлар

Атамайдар киэн тутталлар

Ааптар:
25.04.2024, 14:30
Хаартыска Васильевтар дьиэ кэргэн тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

2024 сыл Горнай улууһугар Предпринимательство сылынан биллэриллибитин сэргиибит. Урбаан үлэтигэр үлэ элбэх, сорук улахан.

Хаартыска Васильевтар дьиэ кэргэн тиксэриитэ

Атамай 700 киһилээх нэһилиэнньэтигэр атыы-эргиэн эйгэтин хайысхатынан биэс маҕаһыын тигинэччи үлэлии турар. Бу маннык маҕаһыыннаах дьонтон кэпсиир дьоруойдарбынан Васильевтар дьиэ кэргэн буолаллар. Алёна, Альберт Васильевтар атыы-тутуу өҥөтүгэр 2013 сылтан ылсан, олохтоох успуорт саалатын биир хоһун арендалаан онно туран атыылыыллара. Саҥа маҕаһыыннарын кирэдьиит ылан туттубуттара. 2020 сыл бэс ыйыттан саҕалаан, ахсынньы 24 күнүгэр бүтэрэн үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Нэһилиэккэ «Алёна» диэн дэлэгэй астаах, араас табаардардаах, барыта уурбут-туппут курдук бэркэ оҥоһуллубут, киһи хараҕа хатанар саҥа маҕаһыын арыллан болҕомтону тардыбыта.

Алёналаах Альберт нэһилиэк дьонугар үлэ миэстэтин тэрийдилэр. Нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар, тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Кинилэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, аҕам саастаах дьоҥҥо сыл ахсын бэлиэ бырааһынньыктарга астан-үөлтэн бэлэхтэри оҥорон туттараннар дьон махталын ылаллар.
Васильевтар дьиэ кэргэн атыы-эргиэн эйгэтигэр үлэлэрин кэҥэтэр былааннаахтар. Кинилэргэ үлэлэригэр ситиһиини баҕарабын.

Валентина Яковлева,

Атамай.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: