Атамайдар Кыайыы болуоссатыгар 70 акация олортулар

Share

Бэҕэһээ Горнай улууһун Атамай нэһилиэгэр олохтоохтор Кыайыы болуоссатыгар 70 акация маһы олортулар. Ол туһунан «Ситим» общественнай тэрилтэ салайааччыта Татьяна Павлова кэпсиир.

Тэрээһин нэһилиэк «Ситим» уопсастыбаннай түмсүүтэ, олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн, бэрэсидьиэн пуондатын үбүлээһининэн ыытылынна.
Мастары олордуу акция Ботаническай саад научнай салайыытынан ыытыллар, научнай салайааччынан Анна Егоровна Сысолятина буолар.

«Акцияҕа нэһилиэк көхтөөх олохтоохторо, бастыҥ уопсастыбанньыктар, үөрэнээччилэр кытыннылар. Нэһилиэк ис-тас көрүҥүн тупсарар акцияҕа кыттыспыт үтүө санаалаах дьоммутугар, оҕолорбутугар махталбытын биллэрэбитэтэбит. Мас олордуутугар үтүө холобуру көрдөрбүт, тус кылааттарын киллэрбит аҕам саастаах дьоммутугар киэн туттуубутун биллэрэбит», — диэн «Ситим» общественнай тэрилтэ салайааччыта Татьяна Павлова этэр.

Акацияны олордууга уунан, буорунан, кумаҕынан бастыҥ уопсастыбанньык, урбаанньыт Д.А. Филиппов хааччыйбыт.

Мантан салгыы бу олордуллубут мастар куура хаппаттарын, чэчирии үүнэллэрин курдук, көрөр-харайар сайыҥҥы лааҕыр үлэлиэ. Аны күһүн «Кэскил» түөлбэҕэ, «Саҥа олох» бырайыак чэрчитинэн 170 мас биэс араас көрүҥэ олордуллуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһа – Бастакы лигаҕа мас тардыһыыга Федерация Куубагын хаһаайына

Амма улууһа мас тардыһыыга Федерация Куубагын күрэҕин түмүгүнэн Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандатын кытта күүстээх  көрсүһүү…

1 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Нерюнгри оройуонугар суол саахалыгар суоппар эчэйбит

Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

15 часов ago