Атамайдар үлэһит ыччаттарынан киэн тутталлар
2024 сыл Горнай улууһугар Урбаан сылынан биллэриллибитэ. Маныаха Атамай нэһилиэгин эдэр дьоно урбааҥҥа тэтимнээхтик ылсан үлэлэһэллэрэ хайҕаллаах.
Кинилэр санаттан саҥаны тобулан олоххо киллэрэллэр. Онон улуус кииниттэн төһө да тэйиччи олорбуппут иһин, нэһилиэкпит урбаанньыттар, көхтөөх, үлэһит дьон күүһүнэн чэчирии сайдарыттан үөрэбит, киэн туттабыт. Ол курдук, «Атамай» мини-маркет маҕаһыыҥҥа Ольга, Керим Яковлевтар ууну ыраастыыр аппараат туруордулар. Ити курдук ыччаттарбыт маҕаһыыннарыгар саҥаттан-саҥа сүүрээни киллэрэн, куорат маҕаһыыныттан туох да итэҕэһэ суох оҥорон иһэллэр. Нэһилиэк олохтоохторо ыраата барбакка, мантан ас-үөл арааһын, наадалаах малларын-салларын атыылаһаллар. Өссө маҕаһыыҥҥа кэлбит киһи манна тута талбыт кофетын ылан сылаастыы иһиэн сөп.
Ольга, Керим Яковлевтар ырааҕы көрөн, толкуйдаан, нэһилиэктэрин дьонун аһынан-үөлүнэн, наадалаах малынан-салынан хааччыйан, улахан кыһамньыларын ууран үлэлииллэрэ барыбытын үөрдэр. Биһиги кинилэргэ бу эппиэттээх, сыралаах үлэлэригэр ситиһиини баҕарабыт.
Валентина Яковлева,
Атамай.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: