Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Share

Горнай улууһугар Атамайга «Радуга» уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла.

Бу күн уһуйааммытыгар үлэлээбит бэтэрээннэрбит, үлэлии сылдьыбыт кэллиэгэлэрбит, нэһилиэкпит тэрилтэлэрин салайааччылара, улуустааҕы үөрэх управлениетыттан ыалдьыттаатылар. Улуус дьаһалтатын, үөрэх управлениетын аатыттан начаалынньык Варвара Сметанина эҕэрдэтин тириэртэ, наҕараадалары, биир идэлээх сойуустар ааттарыттан бэлэхтэри туттарда. Ол курдук, «Педагог-наставник» түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн бэтэрээн-иитээччи Екатерина Васильева бэтэрээн иитээччи, сэбиэдиссэйдии сылдьыбыт Надежда Гаврильева «Почетный ветеран системы образования» бэлиэнэн, «За вклад в развитие ДОУ» бэлиэнэн сэбиэдиссэй Диана Федорова, иитээччи Надежда Адамова үөрэх министиэристибэтин бочуотунай грамотатынан, бэтэрээннэр Анна Павлова, Фекла Иванова, Зоя Яковлева махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр, үлэһит Наталья Винокурова улуус баһылыгын бочуотунай грамотатынан, хары чаһытынан наҕараадаланна, махтал суругунан, «Раритеты Якутии» кинигэнэн иитээччи көмөлөһөөччүлэрэ Мария Винокурова, Виктория Яковлева, иитээччи Татьяна Яковлева наҕараадаланнылар. Өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбит профсоюзпут бэрэссэдээтэлэ Сардана Иванова махтал сурук тутта. Атамай нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан Алла Павлова эҕэрдэтин тириэртэ, наҕараадатын, сэртипикээти туттарда.

Уһуйаан бэтэрээннэрэ олус истиҥ тыллардаах эҕэрдэлэрин, баҕа санааларын эттилэр. Үлэлээбит сылларын, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрин ахтан-санаан ыллылар. Саамай саастаах, 94 хаарыгар үктэммит тыыл, үлэ бэтэрээнэ Варвара Гурьевна Иванова кылынан кичэйэн оҥорбут олбохторун бэлэх уунна. Кини кыыһа 44 сыл уһуйаантан халбаҥнаабакка үлэлии сылдьар. Бастыҥ уопсастыбанньык Виктория Заровняева, «Дьыл кэмнэрэ» кыбытык көбүөрү тигэн бэлэхтээтэ. Уран тарбахтаахтар оҥоһуктарын ыалдьыттар сөхтүлэр-махтайдылар, сэргээтилэр. Фекла Иванова бэйэтэ суруйбут хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ, Елена Винокурова эҕэрдэлээн туран, уһуйааммыт түмэлигэр кэргэнэ Павел Винокуров оҥорбут хомуһун бэлэх уунна. Дьааһылаҕа, детсадка өр кэмҥэ сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Анна Егоровна долгуйан туран, бииргэ үлэлээбит кыргыттарын, билигин үлэлии сылдьар кэлэктиип үлэһиттэрин үбүлүөйдээх сылынан эҕэрдэлээтэ, кэрэни, үтүөнү баҕарда.

Розалия Иванова хаартыскалара

Нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ эҕэрдэлэргэ кыттыһан үөрүүбүтүн үллэһиннилэр. Төрөппүт кэмитиэтин аатыттан Юлия Филиппова эҕэрдэ тыллары этэн туран, үөрүүлээх быһыыга-майгыга ДНС маҕаһыынтан сэртипикээти туттарда. Тэрээһини уһуйааммыт «Айыллаана» ырыа ансаамбыла, иитээччи Елена Иванова, иитиллэччилэрбит Аввакумова Сайаана, Иванова Айыллаана ырыаларынан киэргэттилэр. Кэлбит ыалдьыттарбыт, бэтэрээннэрбит, үлэһиттэр тэрийбит баай-талым, минньигэс астаах фуршеттарыгар тото-хана аһаан, ирэ-хоро кэпсэтэн, астына, дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.

Диана Федорова,

Горнай.

Розалия Иванова хаартыскаларга түһэриитэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

38 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

4 часа ago