«Атласовтар дьиэ кэргэннэрэ — «Таврида.Арт» бэстибээл кыттыылаахтара

Share

“Таврида.Арт” араас омук ускуустубатын бэстибээлэ Крымҥа кэрэ көстүүлээх Капсел бухтатыгар икки күн устата буолла.

Манна дойду араас эрэгийиэннэриттэн араас идэлээх чаҕылхай ыччат — талааннаах артыыстар, худуоһунньуктар, дизайнердар, блогердар, асчыттар уонна да атыттар кыттыыны ыллылар. Суолталаах тэрээһиҥҥэ Саха сириттэн “Атласовтар уһаайбалара”  туризм этнографическай комплексын хаһаайыттара Николай уонна Валерия Атласовтар оҕолорун кытары кытыннылар. Крымҥа ыытыллыбыт “Таврида.Арт” бэстибээлгэ Саха сирин аатын доҕоонноохтук ааттаппыт Атласовтар уһаайбалара” туристическай этнокомлекс дириэктэрэ Валерия Атласова сонунун кытта бу курдук үллэһиннэ.

Бэстибээл 2024 сылга Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар ананна.  Тэрээһиҥҥэ Арассыыйа эрэгийиэннэригэр олорор норуоттар култуурунай баай нэһилиэстибэлэрин аныгы үйэ кэм олоҕунан сырдаттылар. Биһиги дьиэ кэргэн, аҕабыт Николай Атласов дойду таһымыгар бренд-асчыт быһыытынан биллэр буоллан, “Арассыыйа амтана” гастрономическай эйгэҕэ кыттыыны ыллыбыт.  

Бэстибээлгэ “Арассыыйа гастрономическай каартата” бырайыак эдэр асчыттарын хамаандата ыалдьыттары уонна кыттааччылары  дойду араас муннугуттан кэлбит эдэр асчыттар дьиэ кэргэттэрин кытта бэйэлэрин дойдуларын аатырбыт аһын астаан көрдөрдүлэр. Менюга бурятскай бууза, осетинскай бэрэски, курник, нуучча блиныта, удмуртскай бурдук ас көрүҥэ, быһата, араас омук аһын ааттыы туруохха сөп.  Биһиги аҕабыт “визиткатын” — чыыр балыгы кыһан, “Индигирка” салаатынан күндүлээтибит. Тэрээһиҥҥэ кыттарбытыгар араас «төгүрүк остуолларга», маастар-кылаастарга кыттыыны ылан, билиибитин хаҥаттыбыт. 

Арассыыйа 20 эрэгийиэниттэн гастрономическай бырайыактар ааптардарын, шеф-асчыттарын хамаандатын “Арассыыйа гастрономическай картата” Бүтүн Арассыыйатааҕы бырайыак ааптара Екатерина Шаповалова салайан илдьэ сырытта.

What’s your Reaction?
+1
14
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

49 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

2 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

2 часа ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

2 часа ago