«Атласовтар уһаайбалара» креативнай урбаан нэдиэлэтин «Күөххэ үктэниинэн» саҕалаата

Share

Сарсын, ыам ыйын 26 күнүгэр, бэлиэтэнэр Арассыыйа урбаанньыттарын күнүн чэрчитинэн «Атласовтар уһаайбалара» этнографическай туризм комплексыгар   Дьиэ кэргэн сылыгар анаммыт «Күөххэ үктэнии» дьиэ кэргэн бэстибээлэ аан бастыкытын ыытылынна. 

Икки көлүөнэ Атласовтар урбаанньыт ыаллар буолалларын быһыытынан, саха аһын-үөлүн араас омук дьонугар билиһиннэрбиттэрэ ыраатта. Василий  уонна Валентина Атласовтар уоллара Николай бренд-пуобар диэн ааттанан-суолланан, билигин Арассыыйа эрэгийиэннэригэр ыытыллар гастронномическай бэстибээллэргэ бэйэтин уопутун тарҕатан, Саха сирин аатын дорҕоонноохтук ааттатар маастарынан буолла. Урбаан ыал хаһаайката Валентина Атласова уотун аһатан, суолталаах тэрээһини арйыан иннинэ дьиэ кэргэнинэн урбаан эйгэтигэр хайдах кэлбиттэрин билиһиннэрдэ.

Киирии тылын кэнниттэн Атласовтар ийэлэрэ аал уотун аһатан, ыалдьыттарыгар күөххэ үктэнии алгыһын түһэрдэ. Ол кэнниттэн СӨ «Ыалдьытымсах буолуу» ассоциациятын салайааччыта Татьяна Тымырова «Атласовтар уһаайбалара» бренд-асчытыгар Николай Атласовка тылы биэрдэ.

Сотору буолаат, «Ньукуолун сандалыта» тардыллан, Атласовтар  ыалдьыттарын сахалыы сэлиэйдээх кус миининэн күндүлээтилэр.  Ыалдьытымсах дьиэ кэргэн уһаайбаларыгар кэлбит ыалдьыттарыгар саха аһын арааһын астаан амсаттылар.

Дьон «Күөххэ үктэнии» бэстибээли олус астынна.

Урбаанньыттар креативнай нэдиэлэлэрин  Атласовтар уһаайбаларыгар буолбут «Күөххэ үктэнии» бэстибээлэ олус чаҕылхайдык арыйда.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Ленскэйгэ киһи өлүүлээх дьиэ баһаара буолла

Ленскэй куоракка чааһынай дьиэ умайан, 59 саастаах эр киһи тыына быһынна. Бу туһунан СӨ ЫБММ…

3 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Дьиэҕэ төннүү» тэрээһин — байыаннай дьайыыттан төннөөччүлэргэ көмөнү оҥоруу олуга

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара…

33 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Дьокуускайга вандаллар биир күн иһигэр үс тохтобулу алдьаттылар

Дьокуускайга Гагаринскай уокурукка вандаллар биир күн иһигэр, сэтинньи 20 күнүгэр үс сылаас тохтобулу алдьаппыттар --…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Омук бородууксуйатын бэйэ киэнигэр уларытыыттан – олох хаачыстыбатын үрдэтиигэ

АЛРОСА хампаанньа оҥорон таһаарыы көдьүүстээх буоларын уонна үлэлиир усулуобуйа тупсарын туһугар сыыппараҕа көһөрүүгэ (цифровизация) уонна…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин оскуолаларын төрөппүттэрин кэмитиэтин түөрт бырайыага бириэмийэҕэ тигистэ

Е.М.Примаков аатынан гимназияҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы төрөппүт кэмитиэтин иккис мунньаҕа буолан ааспыт. Тэрээһин кэмигэр төрөппүттэр холбоһуктарын…

2 часа ago