Атласовтар уһаайбаларыгар — балыгы кыһар киин
Бу күннэргэ “Саха сирин амтана” гастрономическай бэстибээл кэмигэр, Дьокуускайга аан дойдуга бастакы балыгы кыһыы Арктикатааҕы киинэ аһыллыаҕа.
Бу киини Саха сирин норуоттарын үгэс буолбут астарын астыыр «Атласовтар уһаайбалара» этническэй эрэстэрээнэ тэрийэр. Манна тымныы усулуобуйаҕа балыктан уонна эттэн национальнай бүлүүдэлэри сылы эргиччи астыахтара. Киин тымныы оҕус уораҕайыгар “уйаланыаҕа”. Бары ас муус иһиккэ астаныаҕа.
Быйыл сылы быһа Николай Атласов дойду эрэгийиэннэринэн сылдьан, балык кыһыытыгар маастар-кылаастары оҥорбута. Ол сыл бүтэһигэр балык кыһар киин аһыллыытыгар тиэртэ.
Туристары угуйар саҥа киин сэтинньи 28 күнүгэр быйыл тохсус сылын ыытыллар Арассыыйа событийнай тэрээһиннэрин национальнай халандаарыгар киирбит “Саха сирин амтана” гастрономическай бэстибээл аһыллыытыгар сүрэхтэниэҕэ. Биллэн турар, бу тэрээһини «Атласовтар уһаайбалара» этническэй эрэстэрээн бренд-асчыта Николай Атласов долгуйа кэтэһэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: