Атомнай станциялар уонна бырамыысыланнас

Атомнай станциялар уонна бырамыысыланнас

19.10.2024, 16:50
Көрсүһүү кэмигэр
Бөлөххө киир:

Быйыл дойдубут Аҕа баһылыга Владимир Путин хас да саҥа национальнай бырайыактары киллэрбитэ. Олортон биирдэстэринэн “Атом уонна энэргиэтикэ саҥа технологиялара” диэн. Манна сүрүн оруолу “Росатом” хампаанньа ылар. Дойдубут Аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ хампаанньа салайааччыта Алексей Лихачеву кытары көрсөн кэпсэттэ.

“Росатом” хампаанньа туһунан

“Росатом” — атомнай бырамыысыланнаска аан дойду үрдүнэн биир бастыҥ көрдөрүүлээх хампаанньа буолар. Бу сүдү корпорацияҕа барыта түөрт сүүстэн тахса тэрилтэ киирэ сылдьар. Ол иһигэр гражданскай атомнай хампаанньалар, дойду оборуонатыгар туһаныллар сэби-сэбиргэли оҥорор тэрилтэлэр, научнай-чинчийэр кииннэр, ону сэргэ хампаанньа “Атомфлот” диэн Хотугу муустаах муоранан сылдьар флоттаах. Хампаанньа ураны хостооһунунан, туһаҕа таһаарыытынан аан дойдуга инники күөҥҥэ сылдьар. Бу чааһыгар билигин Забайкальеҕа, Бурятияҕа, Курган уобалаһыгар үлэлиир.

Билигин дойдубут үрдүнэн энэргиэтикэ уон тоҕус бырыһыанын атомнай энэргиэтикэ ылар. “Росатом” хампаанньа дойдубут иһигэр барыта уон икки атомнай ыстаансыйаны үлэлэтэр.

Хампаанньа тас дойдуларга атомнай ыстаансыйалары тутуутунан бастакы күөҥҥэ сылдьар. Ыспыраапка быһыытынан этиим, аан дойду үрдүнэн билигин сүүрбэ биэс улахан атомнай ыстаансыйа тутулла сылдьар буоллаҕына, мантан сүүрбэ иккитин “Росатом” ыытар. Билигин хампаанньа уонтан тахса дойдуну кытары үлэлэһэ олорор. Сорох ыстаансыйаларын тутан номнуо үлэҕэ киллэрдэ. Холобур, былырыын Белоруссияҕа аан бастакы атомнай ыстаансыйа тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Бангладешка, Турцияҕа бастакы атомнай оттуктар тиийбиттэрэ. Египеккэ билигин үһүс блок тутулла сылдьар. Ону таһынан, хампаанньа Кытайы, Ираны, Казахстаны, Узбекистаны, Индияны, Вьетнамы, Арменияны, Араб Холбоһуктаах Эмираттарын, о. д.а. дойдулары кытары үлэлэһэр.

Алексей Лихачев бэрэсидьиэни кытары көрсүһүүтүгэр иһитиннэрбитинэн, тас дойдуга таһаарар боородууксуйалара быйыл 23 бырыһыанынан үрдээбит, оттон инвестициятын сыллааҕы орто көрдөрүүтэ 31 бырыһыанынан эбиллибит. Ол аата, судаарыстыба хааһынатыгар нолуок быһыытынан киллэрэр үбэ, ону сэргэ араас социальнай төлөбүрдэрэ, социальнай эйгэҕэ угар харчыта эмиэ эбиллэн иһэр. Холобур, быйыл нолуок быһыытынан киллэрэр үбүн уонна социальнай төлөбүрдэрин сыллааҕы орто көрдөрүүтэ 15,5 бырыһыанынан эбиллибит.

“Росатом” дойду оборуонатыгар туһаныллар сэби-сэбиргэли оҥоруунан дьарыктанар. “Биһиги хампаанньабыт бу эйгэҕэ үс сүрүн хайысхалаах: ядернай паритеты тутуу, саҥа сэби-сэбиргэли оҥоруу, ол иһигэр ядернайа суох сааны-саадаҕы оҥоруу. Ону таһынан, тиэхиньикэ оҥоһуутугар, экэниэмикэни сыыппараҕа көһөрүүгэ, мэдиссиинэҕэ, саҥа матырыйааллары оҥорууга эмиэ үлэлэһэбит”, — диэн иһитиннэрэр хампаанньа салайааччыта.

“Росатом” уонна национальнай бырайыактар

Билигин дойдубут үрдүнэн энэргиэтикэ уон тоҕус бырыһыанын атомнай энэргиэтикэ ылар. Хампаанньа дойдубут иһигэр барыта уон икки атомнай ыстаансыйаны үлэлэтэр. Ону таһынан, дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйалары тутуунан дьарыктанар. Холобур, биһиги Сахабыт сиригэр Усуйаана оройуонугар Уус-Куйгаҕа бу маннык эбийиэк тутуута саҕаланна. Бу Арктика оройуоннарын уотунан хааччыйарынан таһынан көмүс, хорҕолдьун, о. д.а. баайдаах сирдэри туһаҕа таһаарыыга төһүү буолуохтаах. “Росатом” Арктикаҕа барыта биэс маннык ыстаансыйа тутан үлэҕэ киллэриэхтээх. Бу тутуулар бары саҥа национальнай бырайыакка киирэн тураллар.

“Росатом” аҥаардас атомнай бырамыысыланнаһынан эрэ дьарыктаммат. Хампаанньа уонтан тахса хайысханан үлэлиир. Ол иһигэр мэдиссиинэ, химия эйгэтигэр эмиэ хас да бырайыактардаах. Алексей Лихачев бэрэсидьиэни кытары көрсүһүүтүгэр бэлиэтээн аһарбытынан, “Атом уонна энэргиэтикэ саҥа технологиялара” национальнай бырайыак таһынан хампаанньа өссө уон бырайыакка үлэлэһэр.

 Эрдэ биэс федеральнай бырайыактарынан үлэлии олорбут буоллахпытына, билигин барыта биир национальнай бырайыакка түмүлүннэ. Ону таһынан, биһиги хампаанньабыт экэниэмикэ дааннайдарын, химияны, саҥа технологиялары, мэдиссиинэни, тырааныспары кытары сибээстээх бырайыактарга барытыгар үлэлэһэр, — диэн бэлиэтиир Алексей Евгеньевич.

Манна даҕатан эттэххэ, бу саҥа национальнай бырайыак эһиилгиттэн 2030 сылга диэри биэс сыл үлэлиэхтээх. Бырайыак биир сүрүн сыалынан тастан киирэр технологиялары кыччатыы, бэйэ оҥорон таһаарыытын үрдэтии буолар.

Ону сэргэ бу бырайыак Хотугу муустаах муоранан таһаҕаһы таһыыга биир сүрүн миэстэни ылар. Алексей Лихачев иһитиннэрбитинэн, билигин атомнай ледоколлар былаан быһыытынан тутуулара бара турар, Хотугу муустаах муоранан таһаҕаһы таһыы быйыл биллэ тэтимирбит. “Атомнай ледоколлары оҥоруу былаан быһыытынан баран иһэр. Манна өссө таһаҕаһы таһыыга арктикатааҕы флот эбиллэн биэриэхтээх. Оттон Хотугу муустаах муоранан сырыы туһунан эттэххэ, билигин биһиги былааммытын кыратык аһары баран олоробут. “FESCO”, “Уһук Илиннээҕи муора пароходствота” биһиэхэ бэриллэн турар. Онон үлэбит быдан тэтимирдэ”, — диэн этэр кини.

Санкт-Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр "Росатомы" кытта дуогабар баттаһыыта

Түмүк оннугар

Быйыл сайын Санкт-Петербург куоракка “Росатом” Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кытары ядернай мэдиссиинэҕэ бастакы пуоруму тэрийэн ыытта. Манна БРИКС түмсүүтүгэр киирэр дойдулар бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн кытыннылар. Балаҕан ыйыгар Татарстаҥҥа буолбут Цифровой пуорумҥа (технологияны сыыппараҕа көһөрүү пуорума) биир дьоһун миэстэни ылла. Манна хампаанньа кэлэр көлүөнэ технологиятын университетын тэрийэргэ этии киллэрдэ. Бу университет кэнэҕэһин квантовай технологияҕа научнай-чинчийэр киининэн буолуохтаах.

Бу ыйга, алтынньыга, Казань куоракка буолуохтаах БРИКС саммитыгар үгүс дойду мустаары олорор. Ол иһигэр энэргиэтикэ өттүгэр үлэлэһэр атомнай ыстаансыйалаах дойдуларбыт. Владимир Путин бу саммит иннинэ “Росатом” салайааччытын анаан-минээн ыҥыран, атах тэпсэн олорон кэпсэппититтэн сылыктаатахха, ыллыктар эмиэ тус хоту Арктикаҕа уонна тус илин Азия дойдуларыгар салаллаллар. Быйыл Ил Дархаммыт Айсен Николаев Арассыыйа судаарыстыбаннай сэбиэтигэр энергиэтикэ чааһын көрөр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн ананан, өрөспүүбүлүкэбитигэр кэлэр биир уонча сылга улахан эппиэтинэс сүктэрилиннэ. Буолаары буолан, эһиил атомнай эйгэ 80 сыллаах үбүлүөйдээх сылын көрсө манна улахан былааннар ылыныллыахтаахтар.

Хаартыска: РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата. «РОСАТОМ» хампаанньа саайтыттан.

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: