Салгыы
Атом уонна водород – хайалара киһи аймаҕы сылытыай?

Атом уонна водород – хайалара киһи аймаҕы сылытыай?

Ааптар:
11.10.2022, 10:19
Бөлөххө киир:

2030 сылга Евросоюз салгыҥҥа СО2 гаас быраҕыытын 60% кыччатар сыал туруоруммута. Бу былаан чэрчитинэн бу үйэ ортотугар Европа дойдуларын бырамыысыланнаһа уонна ититиитэ углероду айылҕаҕа 100% таһаарыа суохтаах. Бу күүстээх сананыы – билиҥҥи оттунар, электричество оҥорон таһаарар ньымалартан олоччу аккаастаннахха эрэ олоххо киириэн сөптөөх. Төһө даҕаны сайдыылаах дойдулар тыал уонна күн күүһүнэн оттунарга улахан ситиһиилээхтэрин иһин, бүгүн даҕаны сүрүн эниэргийэни гааһы, чоҕу, ньиэби уматан ылаллар. Ханнык ньыма энэргиэтикэ билиҥҥи туругун солбуйуон сөбүй? Экология туругун тупсарыы туһугар туруулаһар тэрилтэлэр водороднай энэргиэтикэҕэ көһүүнү кэскиллээҕинэн ааҕаллар. Утарсааччылара “водород солбуйар кэмэ кэлэ илик, атом күүһэ эрэ биһигини быыһыыр кыахтаах” диэн дакаастыы сатыыллар. Углероду таһаарбат кэлэр үйэ энэргиэтикэтэ туохха олоҕуруоҕай? Бу ыстатыйаҕа ону эридьиэстээн көрүөҕүҥ.    

Сылааһы оҥорон таһаарыы – энэргиэтикэ сүрүнэ

Уулуссаҕа кимтэн баҕарар “бу үйэҕэ эниэргийэ ханнык көрүҥүн киһи аймах ордук элбэх оҥорон таһаарарый?” диэн ыйыттахха, бука “электричество буоллаҕа дии” диэн хоруйдуоҕа. Оннооҕор Саха сирин олохтооҕун санаатыгар бу көстөн турар чахчы: сүүнэ хоско тыгар лаампаттан саҕа­лаан, улахан фабрикалар, куораттар, көмпүүтэрдэр – барыта электрическэй уотунан “аһы­лыктаналлар”. Эбиитин тиһэх сылларга мөлү­йүөнүнэн массыыналар бэн­сиинтэн электричествоҕа көстүлэр.

Ол эрэн, бу сыыһа хоруй: аан дойду сылга  162 триллион киловатт-чаас эниэргийэни оҥорон таһаарар, итинтэн электричество өлүүтэ 26 триллион к/ч.

Бу 162 триллионтан аҥаара сылаас оҥоруутугар (тепловой энергия) баранар. Сылаас аҥаарын бырамыысыланнас туттар – тимир, ыстаал уһаарыыта, сиэмэн оҥоруута, уоҕурдуу холбооһуна сылааһа суох сатаммат. Хаалбыт аҥаарын дьон дьиэтин сылытыыга, ас буһарыыга туһанабыт. Дьэ ити сылааһы оҥорон таһаарыыга айылҕаҕа быраҕыллар СО2 гаас 40% тиксэр.

Водород абырыа дуо?

Сорохторго саамай ыраас эньиэргийэ ылар ньыма водороду туһаныы курдук көстөр. Водород умайдаҕына, аата этэрин курдук, уу эрэ үөскүүр. Ол эрэн, бу ньыма бүгүҥҥү күн туругунан кыаллыбат уустук курдук көстөр. Сүрүн кыһалҕа – хантан бу гааһы булуохха сөбүй? Уу молекулатын алдьатан (Н2О – Н2+О) икки водород атомын уонна биир кислород атомын ылахха сөп. Ол эрэн, бу ньыма туһата суох – ууну араарарга ылар эниэргийэтээҕэр элбэх эниэргийэ баранар. Иккис ньыма – айылҕа гааһын уу паарынан үрдэрэн ылыы. Бу үрдүк температураҕа ыытыллар ньыма бэрт көдьүүстээхтик водороду метантан, пропантан араарар. Ол эрэн, дьайыы түмүгэр водороду кытта углекислай гаас арахсан тахсар (СН4+Н2О – Н2+СО2). Бу ньыманы киллэриинэн дьарыктанар дьон реакция түмүгэр үөскүүр углекислай гааһы тутатына байҕал дириҥ араҥаларыгар турбанан утаарыахха сөп диэн этэллэр. Тымныы ууга СО2 үчүгэйдик суураллар. Ол эрэн, бу бэрт саарбах ньыма, били дьиэ ыраастыы сылдьан быылы көбүөр анныгар сиппийиигэ майгынныыр. Салгыҥҥа быраҕыллар СО2 бэрт улахан өлүүтүн билигин даҕаны байҕал бэйэтигэр суура­йар. Ол кэнниттэн хаһан эрэ син биир үтэйиллэн салыҥҥа көтөр кыахтаах. Онон итинник водороду 100% углерод суох энэргиэтикэҕэ сыбыыр сыыһа.

Маны таһынан, водород элбэх итэҕэстээх. Бастатан туран, айылҕа гааһыттан ыарахан сыаналаах. Кэнники технология тэнийдэҕинэ чэпчиэн сөп, ол эрэн син биир – хостонор айылҕа гааһа, оҥоһуллар водородтан хаһан баҕарар чэпчэки буолуо. Иккиһинэн, билиҥҥи трубопроводтар нөҥүө водороду ыытар сатаммат – водород тимири курдат ааһар, ол түмүгэр үлтүрү­йүмтүө оҥорор, быыһылыыр. Мантан үһүс кыһалҕа үөскүүр – водород салгыҥҥа дэлби тэбэр айылҕалаах (умайбат – дэлби тэбэр!) Онон улахан дабылыанньаны тулуйар былаастыктан оҥоһуллубут саҥа турбалар, систиэринэлэр айыллыахтаахтар.

Көстөрүн курдук, энэргиэтикэни олоччу водородка көһөрүү бүгүҥҥү күҥҥэ кыаллыбат сорук.

Атомнай энэргиэтикэ тоҕо сайдыбат?

Судургу сыыппаралар – 1988 сылга атомнай энэргиэтикэ аан дойду энэргиэтикэтин 17,08% толорбута. Оттон 2018 сылга атомнай энэргиэтикэ уопсай энэргиэтикэ 10,21% эрэ толорбута? Ити аата 1,6 төгүл кыччаабыт. Бу тоҕо маннык буоллай? Дьон маннык айгырааһын сүрүн сылтаҕынан Чернобыль, Фукусима атомнай ыстаансыйаларга буолбут саахаллар маннык энэргиэтикэ кутталлаах буоларын дакаастаабытынан ааҕаллар. Ол эрэн, бүгүҥҥү туругунан, маннык атомнай ыстаансыйалары тутарга куттал суох буоларын туһугар ылыныллар миэрэлэр бэрт ­эрэллээхтэр.

Киһи куттала АЭС тутуутугар адаҕа буолбута кырдьык. Ол эрэн, бу куттал Чернобыль саахала буолуон инниттэн саҕаламмыта. Бастатан туран, биллэн турар, Хиросима уонна Нагасаки куораттары буомбалааһын атомтан куттаныы төрүөтэ буолбута. Хайдах даҕаны “эйэлээх” диэн ааттаа – бүтүн куораты сир ньууруттан сотон кэбиһэр күүс куорат таһыгар турарын сөбүлүүр киһи бэрт аҕыйах.

Куттал өссө сэрии инниттэн, маҥнайгы АЭС тутуллуон быдан иннинэ саҕаламмыта. 1941 сыллаахха АХШ улуу фантаст суру­йааччыта Роберт Хайнлайн “Дэлби тэбии хаһан баҕарар буолуон сөп” диэн атомнай ыстаансыйаҕа саахал туһунан сэһэнэ тахсыбыта. 1942 сыллаахха маннык саахал туһунан киинэ Голливудка оҥоһуллан тахсыбыта. Суруналыыстар  атом кутталын туһунан ХХ үйэ 20-с сылларыттан суруйаллара.

Атомтан куттаныыны ордук күүскэ биир улахан быһы­лаан көбүппүтэ. Бу Чернобыль саахала буолуон сэттэ сыл иннинэ, 1979 сыл кулун тутар 28 күнүгэр Три-Майл-Айленд АЭС иккис энергоблогар сойутар убаҕас куотан реактор 50% ууллубута, тулалыыр эйгэҕэ радиоактивнай киртийии тахсыбыта. Бу быһылааҥҥа, сурукка киирбитинэн, биир да киһи былдьамматаҕа эрээри, атомнай энэргиэтикэҕэ ыар охсуу буолбута – 1979 сылтан 2012 сылга диэри АХШ үрдүнэн биир даҕаны саҥа АЭС тутарга көҥүл бэриллибэтэҕэ, ити кэмҥэ былааннаммыт 71 ыс­­таансыйа бырайыага сабыллыбыта. Кутталтан сылтаан атомнай энэргиэтикэ барыһа суох экэниэмикэ салаатыгар кубулуйбута. Аан дойду сүрүн атомнай державата итинник сыһыаны олохтоо­бутугар үгүс дойдулар бэйэлэрин атомнай энэргиэтикэлэрин бырагырааматын саппыттара эбэтэр кыччаппыттара. Франция уонна ССРС эрэ бу эйгэни сайыннарарга үлэлэспиттэрэ… онтон Чернобыль буолбута. Бу үйэҕэ Фукусима саахала атомҥа үтүө сыһыаны олоччу самнарбыта, сайдыылаах дойдулар атомнай энэргиэтикэттэн аккаастанан “күөх энэргиэтикэҕэ” болҕомтолорун уурбуттара.

Ол эрэн…

Кутталы кыайар күүс биир эрэ баар – кыһарыйар кыһалҕа. Холобур, экология куттала билигин даҕаны сорох дьону итэҕэппэт эбэтэр долгуппат эбит буоллаҕына, тоҥуу кыһалҕата сабаҕалааһын буолбатах, ынан кэлбит олох кырдьыга. Дьаҥ иннинэ, холобур, Великобританияҕа дьиэ сылааһын алын нуормата 18С кыраадыс этэ. Биһиги диэки 22-25С кыраадыстан аллараа температураны сөрүүнүнэн ааҕабыт. 18С кыраадыска диэри оттунар даҕаны кыайбат биэнсийэлээх кырдьаҕастарга анаан Великобритания бырабыыталыстыбата “кыһыҥҥы оттукка” (winter fuel) диэн туспа субсидия олохтообута. Гаас билиҥҥи сыаната 2-3 төгүл үрдээбитин (өссө үрдүүр сылыктаах) кэнниттэн “тыал, күн күүһүнэн итити­ниэхпит” диир саҥалар лаппа чуумпурбуттар.

Бу курдук балаһыанньа атомнай энэргиэтикэни сөргүтэргэ улахан сабыдыаллаах буолуон сөп. Онуохаҕа дьоҕус, сүрүннээн ититиигэ аналлаах ыстаансыйалар улахан туһалаах буолуохтарын сөп. ССРС иһигэр 1982 сыллаахха Курчатов аатынан институт салалтатынан айыллыбыт АСТ-500 диэн “атомнай хочуолунай” (кипящий водо-водяной реактор бириинсиптээх) Горькай куоракка тутуллан саҕаламмыта. “500” сыыппара ыстаансыйа кыамтатын – 500 мегаваты көрдөрөр. Аныгыс сылыгар тутуу Воронежка саҕаламмыта. Бу кыра дабылыанньа, кыраадыс усулуобуйатыгар үлэлиир тэрил олус кэскиллээх этэ. Сүрүннээн ититиигэ эрэ ананар, турбината суох, насоснай систиэмэҕэ наадыйбат ыстаансыйа Фукусима курдук айылҕа дьайыытыттан тутулуга суох этэ. Ол эрэн, түөрт сылынан Чернобыль эстэр, онтон судаарыстыба тутула уларыйар, кириисис ааҥныыр, икки куоракка ыытыллыбыт референдумнар түмүктэринэн тутуулары тохтоторго ­уураахтыыллар.

Билигин манныкка майгынныыр бириинсиптээх бырайыактар Арассыыйаҕа уонна Кытайга DHR-400 үлэҕэ киирэн эрэллэр.

Өскөтүн углероду айылҕаҕа таһаарыыны 100% аччатар бы­­лааннаах буоллахпытына, атом энэргиэтикэтин сайыннарар эрэ тустаахпыт. Экология туһугар дуу, сылаас ­дьиэҕэ олорор туһугар дуу, сир баайын көдьүүстээхтик туһанар туһугар дуу – киһи аймах атомҥа көһөрүгэр тиийэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: