Салгыы
Аттаах айанньыттар Байкалга тиийдилэр

Аттаах айанньыттар Байкалга тиийдилэр

21.10.2024, 13:00
Хаартыска: телеграм-ханаалтан.
Бөлөххө киир:

Сунтаар Хаданыттан Монголияҕа диэри ыҥыырдаах атынан баран иһэр айанньыттар Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков алтынньы 20 күнүгэр улуу Байкал күөлгэ тиийдилэр. 

Кинилэр үчүгэй суола-ииһэ суох сиринэн, хайалары уҥуордаан, үксүгэр тайҕа быыһынан айаннаан, сиргэ, үүтээҥҥэ хонон, 2 тыһыынчаттан тахса килэмиэтири кэннилэригэр хаалларан, өбүгэлэрбит олорбут сирдэригэр — Байкалга тиийдилэр.

Бурятияҕа тиийээттэрин кытта, кинилэр тустарынан сурах тарҕанан, «этэрбэс араадыйата» үлэлээн, хас нэһилиэнньэлээх пуун аайы бүрээттэр олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Суолунан баран истэхтэринэ, күҥҥэ сүүрбэччэ массыына тохтоон, кэпсэтэн, хаартыскаҕа түһэн, айаннарын, бэл, бытаардыбыттар. 

Бүрээттэр бу саха сэмэй дьонун «дьоруойдар» дииллэр, суол ыараханын бэркэ билэллэр, саха аттарын тулуурдарын сөҕөллөр, олус интэриэһиргээн көрөллөр-истэллэр. Чахчыта, Бурятия хоту өттүгэр Бокуруоп күн хаар бөҕө, -8-10 кыраадыс тымныы, курдары үрэр тыаллаах этэ. Арай билиҥҥитэ Байкал күөлүн эҥээр хаар түһэ илик. Оттон аттар аара сиир отторо суох, күн аайы 4-5 килэмиэтири тохтообокко айаннаан, үчүгэйдик сынньаммакка, илистибиттэр. Айанньыттарбыт «сылайбатыбыт» дииллэр, санаалара бөҕөх, Монголияҕа тиийэр дьүккүөннээхтэр.

Сахули бөһүөлэгэр баһылык Бальжинима Занданов олус үчүгэйдик көрсөн, аһатан-сиэтэн, хоннорон, аттарыгар эбиэс булан, бэркэ көмөлөспүтэ. Кини салгыы билэр дьонугар этэн, ыйан биэрэн, хас дэриэбинэ аайы күндү ыалдьыт курдук көрсөллөр. Элбэх киһини билсэр-көрсөр, киириилээх-тахсыылаах, кэпсэтиилээх баһылык буолан, төһүү күүс буолбут.

Манна эбэн эттэххэ, Байкал кытылыгар, Ольхон оройуонугар Сахюрта диэн сир баар, манна былыргы өбүгэлэрбит курыкааннар тааска ойуулаан хаалларбыт ойуулара баар. Биир тааска оһуохайдыы сылдьар дьон ойуулара баар. Онон бу сирдэргэ «сах», «саха» диэн тыл мээнэҕэ хаалбатах буолуохтаах.

Хаартыска: телеграм-ханаалтан.

Баргузин сэлиэнньэтигэр РФ үтүөлээх учуутала, Бурятия национальнай спордун көрүҥнэригэр федерация вице-бэрэсидьиэнэ, иппотерапия тириэньэрэ, спорт маастара Андрей Дондуповка хоммуттар. Кини кэргэнэ Светлана Владимировна РФ үтүөлээх бырааһа, Бурятия норуодунай хуралын дьокутаата эбит. Андрей Ракшаевич дьиэтигэр түһэрэн, бүрээт норуотун бүлүүдэлэринэн күндүлээн, хоннорон баран, өссө айан дьонугар олус наадалаах тиэрмэһи бэлэхтээтэ. Роман Октавианович кэргэнэ өрбүт кыл паннотун, тымырдаайытын утары уунна. Онон икки бырааттыы норуот чулуу уолаттара илии тутуһан, хардарыта махтанан, өссө да көрсүөх буолан араҕыстылар.

Биһиги дьоммут улаханнык кимиэхэ да кэпсээбэккэ, ыллылар да, кэлэн хаалбыт буоланнар, былаахтара суох эбит. Айаҥҥа төрөөбүт дойду былааҕа, сувенира наадалааҕын, дьэ, өйдөөбүттэр. Онуоха Андрей Ракшаевичтаах түбүгүрэн, Улан-Удэ куоракка кыыстарыгар этэн, оҥорторон, Саха сирин уонна Сунтаар улууһун былаахтарын аҕалан биэрбиттэр. Дьэ, ити курдук үтүө дьон эбит.

Улюкчикааҥҥа Лариса, Вячеслав Ухиновтарга хоммуттар. Манна эбэҥкилэр эмиэ олороллор, түмэллэрин көрдөрбүттэр. Онтон айанньыттар буддистар сүгүрүйэр Янжима таҥара дыбарыаһыгар сылдьан, көрбүттэр-истибиттэр.

Салгыы «Баргуджин Токум» туристическай киин (сал. Баир Будаев) 5 сулустаах гостиницатыгар босхо түһэрбиттэр, сынньаппыттар. Максимиха сэлиэнньэтигэр эмиэ билэр дьонноругар этэннэр, Андрей, Наталья Соломинскайдар аһатан-сиэтэн, маанылаан көрсүбүттэр. Кинилэр иккиэн норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастардара. Манан Баргузинскай оройуонтан тахсан, Прибайкальскай оройуоҥҥа киирбиттэр.

Ытык Байкал күөлгэ киирэллэригэр, бурдук, үүт, арыы атыылаһан, киэһэ анаан алаадьылаатылар, онон сахалыы сиэри-туому толоруохтара, сүгүрүйүөхтэрэ. Андрей, Наталья Жулиннар гостиницаларыгар эмиэ босхо хоннулар, сынньаннылар. Бүгүн Крестовый диэн ытык сиргэ тиийэн, эбэни аһатан, былаахтарын туппутунан, хаартыскаҕа түһүөхтээхтэр. Аттарын улуу күөлгэ уулатан баран, аһата, сынньата түһүөхтэрэ. Күөлү кыйа 130 килэмиэтири барыахтаахтар.

Салгыы Кяхтанан Улан-Удэ куоракка, онтон 300-тэн тахса килэмиэтир тэйиччи баар Улан-Баторга тиийиэхтээхтэр. Былыр Сунтаартан Тэрэппиин Атыыһыт Кяхтаҕа тиийэн эргинэрэ үһү, кини бу суолунан элбэхтик сырыттаҕа. Аныгы айанньыттар ол суолу эттэринэн-хааннарынан билэн, бэйэлэрин тургутан көрөр сыаллаахтар.

+1
17
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: