Аттаах айанньыттар Бурятияҕа тиийдилэр

Share

Сунтаар Хаданыттан Монголияҕа атынан баран иһэр айанньыттар 58 саастаах Роман Попов уонна 61 саастаах Геннадий Пустоляков Бурятияҕа тиийдилэр.

Хаартыска: телеграм-ханаалтан.

Аттарын мэччитэ сылдьаллар.

Кинилэр Хадантан атырдьах ыйын 15 күнүгэр арахпыттара. Ыйы быһа айаннаан, көмүстээх Бодойбоҕо тиийбиттэрэ. Кинилэр саха атын тургутар сыаллара суох, өбүгэлэрэ айаннаабыт суолларын, олорбут сирдэрин чинчийэр баҕалаахтар. Былыр Бүлүү улуустарын сахалара Бодойбоҕо (Тайҕаҕа) тахсан эргинэллэрэ, таһаҕас таһаллара. Бу кинилэр сылдьыбыт аҕай суолларын омоонун булан, аныгы дьон бэйэлэрин тургуталлар.

Салгыы Улуу Солко суолунан түҥ былыр өбүгэлэрбит олоро сылдьыбыт сирдэригэр, Байкалга, Монголияҕа тиийэр былааннаахтар. Үс ыйынан эргиллэн кэлэргэ суоттаналлар. Кэлэллэригэр кыһын буолан, массыынаҕа тиэллиэхтээхтэр.

Арамааннаах Геннадий оҕо эрдэхтэриттэн маннык айанныахтарын, сири-дойдуну көрүөхтэрин баҕараллар эбит. Биэнсийэҕэ тахсан баран, бу ыра санааларын толорорго санаммыттар. Дьэ, чахчыта, уонна хаһан? 

Айаннаан иһэн, Арамаан айылҕа, сир-дойду уларыйыытын сонургуур хараҕынан көрөн, айан күчүмэҕэйдэрин туһунан сахалыы толкуйдарын видеоҕа устан, сэһэргии иһэр. «Конный турпоход Якутия-Монголия 2024 год» диэн телеграм-ханаалларыгар таһааран иһэллэр.

Холобур, Бодойбо диэки сыһыы-хонуу суох, хайалаах дойду, ат аһыыр ото букатын суох эбит, онно күчүмэҕэйдэри көрсүбүттэр. «Бэл, кутааҕа мас умайан быстыбат», — диэн сөҕөллөр. Хаста да аттарын куоттара сылдьан баран, туппуттар. Айанньыттар сиргэ хоно сылдьаллар, кутаа оттон, чэй өрүнэллэр, таһаҕастарын барытын акка тиэнэ сылдьаллар. Биирдэ эмит сэлиэнньэҕэ киирэн хоноллор, сууналлар, тото-хана аһыыллар. «Массыынаҕа таһаҕаһы, аһы, оту тиэнэ сылдьыбакка, суол тугу тосхойорунан айанныыр санааҕа да астык», — дэһэллэр айанньыттар.

Кинилэргэ олохтоох дьон, ааһан иһэр айанньыттар, суоппардар хото көмөлөһөллөр эбит. От, бурдук булан биэрэллэр, аттарын боккуобун уларыталлар, аһаталлар, сууннараллар, сүбэлииллэр, ыйаллар, бэл, кэлиэхтээх дэриэбинэҕэ билэр дьоннорун «көрсүҥ» диэн сэрэтэллэр. Суолга сахалары көрсөн, үөрэ-көтө хаартыскаҕа түспүттэр, бииргэ чэйдээбиттэр.

Мууйа оройуонугар кинилэри олохтоох дьаһалта көрсүбүт, «Муя-инфо» хаһыакка суруйбуттар.

Айанньыттар билигин Северомуйскай сэлиэнньэтиттэн тахсан, Байкал күөл диэки айаннаан иһэллэр. Онно көмүс күһүн күлүмүрдээн турар. Бурятияҕа сир-дойду омооно уларыйан, сыһыы-хонуу элбээн, айылҕа кэрэ көстүүтүнэн умсугутар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҕо суох иһитиннэриигэ итэҕэйимэҥ

Соторутааҕыта Саха сириттэн  200-тэн тахса тулаайах байыаннай дьайыыга ыытыллыбытын  курдук сонун социальнай ситимнэргэ тарҕаммыта. Ол…

4 часа ago
  • Сонуннар

Экологтар субуотунньуктаатылар

Бүгүн Тулалыыр эйгэни харыстааһын уонна Эколог күнүнэн сибээстээн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэ киһитэ Раиса Иванова 45 сыл устата бэтэринээрдиир

Быйыл Ил Дархан "Үлэ киһитэ" бириэмийэтин 50 киһи ылары ситистэ. Сунтаар Элгээйититтэн үлэ киһитэ Раиса…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Доруобуйа харыстабылын өссө аҕыс бөдөҥ эбийиэгэ тутуллуоҕа

Саха сиригэр  доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын чэрчитинэн, Саха сиригэр мэдиссиинэ бөдөҥ эбийиэктэрэ тэтимнээхтик…

5 часов ago
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Саха сирэ быйыл үөрэнээччилэр олимпиадаларынан Арассыыйаҕа 24-с миэстэҕэ тахсыбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр олимпиадаларын федеральнай эриэйтинигэр Саха сирэ быйыл Арассыыйаҕа 72-с миэстэттэн 24-с миэстэҕэ тахсыбыт.…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эколог күнүгэр – Уус-Ньараҕа далааһыннаах субуотунньук

Бэс ыйын 5 күнэ - Аан дойдутааҕы айылҕа харыстабылын күнэ. ХНТ Генеральнай Ассамблеята бу күн…

6 часов ago