Аттаах айанньыттар Бурятияҕа тиийдилэр

Share

Сунтаар Хаданыттан Монголияҕа атынан баран иһэр айанньыттар 58 саастаах Роман Попов уонна 61 саастаах Геннадий Пустоляков Бурятияҕа тиийдилэр.

Хаартыска: телеграм-ханаалтан.

Аттарын мэччитэ сылдьаллар.

Кинилэр Хадантан атырдьах ыйын 15 күнүгэр арахпыттара. Ыйы быһа айаннаан, көмүстээх Бодойбоҕо тиийбиттэрэ. Кинилэр саха атын тургутар сыаллара суох, өбүгэлэрэ айаннаабыт суолларын, олорбут сирдэрин чинчийэр баҕалаахтар. Былыр Бүлүү улуустарын сахалара Бодойбоҕо (Тайҕаҕа) тахсан эргинэллэрэ, таһаҕас таһаллара. Бу кинилэр сылдьыбыт аҕай суолларын омоонун булан, аныгы дьон бэйэлэрин тургуталлар.

Салгыы Улуу Солко суолунан түҥ былыр өбүгэлэрбит олоро сылдьыбыт сирдэригэр, Байкалга, Монголияҕа тиийэр былааннаахтар. Үс ыйынан эргиллэн кэлэргэ суоттаналлар. Кэлэллэригэр кыһын буолан, массыынаҕа тиэллиэхтээхтэр.

Арамааннаах Геннадий оҕо эрдэхтэриттэн маннык айанныахтарын, сири-дойдуну көрүөхтэрин баҕараллар эбит. Биэнсийэҕэ тахсан баран, бу ыра санааларын толорорго санаммыттар. Дьэ, чахчыта, уонна хаһан? 

Айаннаан иһэн, Арамаан айылҕа, сир-дойду уларыйыытын сонургуур хараҕынан көрөн, айан күчүмэҕэйдэрин туһунан сахалыы толкуйдарын видеоҕа устан, сэһэргии иһэр. «Конный турпоход Якутия-Монголия 2024 год» диэн телеграм-ханаалларыгар таһааран иһэллэр.

Холобур, Бодойбо диэки сыһыы-хонуу суох, хайалаах дойду, ат аһыыр ото букатын суох эбит, онно күчүмэҕэйдэри көрсүбүттэр. «Бэл, кутааҕа мас умайан быстыбат», — диэн сөҕөллөр. Хаста да аттарын куоттара сылдьан баран, туппуттар. Айанньыттар сиргэ хоно сылдьаллар, кутаа оттон, чэй өрүнэллэр, таһаҕастарын барытын акка тиэнэ сылдьаллар. Биирдэ эмит сэлиэнньэҕэ киирэн хоноллор, сууналлар, тото-хана аһыыллар. «Массыынаҕа таһаҕаһы, аһы, оту тиэнэ сылдьыбакка, суол тугу тосхойорунан айанныыр санааҕа да астык», — дэһэллэр айанньыттар.

Кинилэргэ олохтоох дьон, ааһан иһэр айанньыттар, суоппардар хото көмөлөһөллөр эбит. От, бурдук булан биэрэллэр, аттарын боккуобун уларыталлар, аһаталлар, сууннараллар, сүбэлииллэр, ыйаллар, бэл, кэлиэхтээх дэриэбинэҕэ билэр дьоннорун «көрсүҥ» диэн сэрэтэллэр. Суолга сахалары көрсөн, үөрэ-көтө хаартыскаҕа түспүттэр, бииргэ чэйдээбиттэр.

Мууйа оройуонугар кинилэри олохтоох дьаһалта көрсүбүт, «Муя-инфо» хаһыакка суруйбуттар.

Айанньыттар билигин Северомуйскай сэлиэнньэтиттэн тахсан, Байкал күөл диэки айаннаан иһэллэр. Онно көмүс күһүн күлүмүрдээн турар. Бурятияҕа сир-дойду омооно уларыйан, сыһыы-хонуу элбээн, айылҕа кэрэ көстүүтүнэн умсугутар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

2026 сылга мунньуллар биэнсийэттэн хас сууманы ылыахха сөбүн туһунан иһитиннэрдилэр

Арассыыйа олохтоохторо 2026 сылга  мунньуллар биэнсийэлэриттэн  440 тыһыынча солкуобайы биир кэмнээхтик ылыахтарын сөп диэн РИА…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ефрем Семенов: «Каадыр бэлиитикэтигэр улахан болҕомто ууруллуоҕа»

Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин пленарнай мунньаҕын улуустартан уонна нэһилиэктэртэн кэлбит…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Диана Соломонова: «Сийиэскэ этиилэрбин болҕомтоҕо ылбыттарыттан үөрдүм»

Киин куоракка икки күн устата өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ  үгүс дьокутааты…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоҕус урбааны өйүүр  боппуруос туора туран хаалыа суохтаах

Ил Дархан туһаайан этиитигэр дьоҕус урбааны өйүүр боппуруоска болҕомтотун ууруо диэн, норуот дьокутаата, Ил Түмэн…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Уопсастыба

“Надеждалар” быйыл сүүрбэччэ араас көрүҥнээх 861 таҥаһы тиктилэр

“Илии сылааһа” сыах (сал. Саввина И.Е.) филиала Куокуйдааҕы “Надежда” холбоһук (сал. Еремеева Т.У.) бу сылга…

10 часов ago
  • Бэрээдэк

Аймаҕар көмөлөһөөрү кирэдьиит ылан, улахан иэскэ киирбит

Дьокуускайдааҕы полиция 1-кы №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар кини аатыгар сокуоннайа суохтук 145 тыһ.солк.…

11 часов ago