Сунтаар Хаданыттан Монголияҕа атынан баран иһэр айанньыттар Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков Бурятияҕа Новый Уоян сэлиэнньэни ааһан, Кумора сэлиэнньэтигэр чугаһаан иһэллэр. Онно баран иһэн, дьикти «саламаны» көрбүттэр.
Биллэрин курдук, Бурятияҕа эмиэ ойууннааһын, буддизм итэҕэллээх буоланнар, маска салама ыйыыр үгэстээхтэр. Ол эрээри, бу дьикти «салама» эбит. Айаҥҥа эҥин араас баар буолар ээ. Ол да иһин интэриэһинэй буоллаҕа. Бу маска айанньыт кэрэ аҥаардар ис таҥастарын устан ыйыыллар эбит…
Билигин Бурятияҕа эмиэ көмүс күһүн кэлэн турар. «Иккитэ улаханнык тоҥоро сырытта, инчэҕэй хаар түстэ», — диэн айанньыттар телеграм-ханаалларыгар кэпсээтилэр. Кинилэр үксүгэр сиргэ-уокка балаакканан түһэн, хоно сылдьаллар.
Аттарын аһаталларыгар кыһалҕалары көрсөллөр. Ат сиир ото суох, хонууга, күөлгэ кэлбиттэрэ, бар сэтиэнэх буолан хаалан, хомотор. Билигин хайалаах сиринэн барыахтаахтар, онон ат аһылыга көстөрө эмиэ күчүмэҕэйдэрдээх буолара буолуо.
Салгыы Курумкан сэлиэнньэтигэр, онтон Байкал чугаһынааҕы Баргузин куоракка тиийиэхтээхтэр. Улуу Байкал күөлү соҕуруулуу-илиҥҥи өттүнэн эргийэ барыахтаахтар.
Кинилэр Хадантан атырдьах ыйын 15 күнүгэр арахпыттара. Кинилэр саха атын тургутар сыаллара суох, өбүгэлэрэ айаннаабыт суолларын, олорбут сирдэрин чинчийэр баҕалаахтар. Былыр Бүлүү улуустарын сахалара Бодойбоҕо (Тайҕаҕа) тахсан эргинэллэрэ, таһаҕас таһаллара. Бу кинилэр сылдьыбыт аҕай суолларын омоонун булан, аныгы дьон бэйэлэрин тургуталлар. Салгыы Улуу Солко суолунан түҥ былыр өбүгэлэрбит олоро сылдьыбыт сирдэригэр, Байкалга, Монголияҕа тиийэр былааннаахтар. Үс ыйынан эргиллэн кэлэргэ суоттаналлар. Кэлэллэригэр кыһын буолан, массыынаҕа тиэллиэхтээхтэр.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…