Салгыы
Аттаах айанньыттар Дьокуускайга кэллилэр

Аттаах айанньыттар Дьокуускайга кэллилэр

28.11.2024, 19:00
Хаартыска: телеграм-ханаалтан
Бөлөххө киир:

Сунтаар Хаданыттан Монголияҕа диэри ыҥыыр атынан барбыт айанньыттар Дьокуускайга кэллилэр. Сэтинньи 28 күнүгэр кинилэри көрсө, «Саха сирэ» хаһыат  Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ пресс-кэмпириэнсийэни тэрийдэ.

Кинилэр Аллараа Бэстээххэ бэҕэһээ, сэтинньи 27 күнүгэр киэһэ кэлбиттэрэ, аттарын түһэртээн, аһата, сынньата хаалларбыттара. Аара Алдан оройуонугар массыыналара кыратык алдьана сылдьыбыт. Онон аттар 4,5 суукка устата массыына үрдүгэр туран айаннаан, атахтара көһүйбүт буолан, кыратык доҕолоҥноон ылбыттара. Ат диэн киһи курдук өйдөөх, дойдуларыгар кэлбиттэрин билэн, кистээн дьырылатан ылбыттара.

58 саастаах Роман Попов уонна 62-лээх Геннадий Пустоляков бу айаннарын Сунтаар улууһугар биллэриллибит Аҕам саастаахтар сылларыгар анаатылар. Биэнсийэлээх да дьон 2,5 тыһыынча кэриҥэ килэмиэтири 2,5 ыйы быһа ыҥыыр үрдүгэр олорон, айанныахтарын сөбүн дакаастаатылар. Бурятияҕа диэри суола-ииһэ суох сиринэн, сиргэ, үүтээннэргэ хонон, хайалары, өрүстэри туораан, сырыттылар. Айаннарын сыала — Бодойбоҕо, Кээхтэҕэ тиийэр  саха атыыһыттарын былыргы суолларын батыһыы, сөргүтүү, атынан айаны тарҕатыы буолар.

Бу сыалларын кинилэр толору ситистилэр. Кинилэри Монголияҕа илдьэ сылдьыбыт уонна аттарын массыынанан Саха сиригэр тиэйэн аҕалбыт Эдуард Данзанов этэринэн, Бурятияҕа дьон-сэргэ атынан айаны олус сэргээбит, муода курдук да буолбут. Арамааннаах Оронхойга тохтоон, оҕолору төрүт үгэстэргэ уһуйар Нима Батуевка ыалдьыттаабыттара. Бу кэнниттэн, Батуевка оҕолорун үөрэтиэхтэрин, акка сыһыарыахтарын баҕарааччылар көстө эбиллибиттэр үһү.

Докумуоннара табыллыбакка, Монголияҕа атынан киирбэтилэр. Онно мөлүйүөнүнэн сүөһү, сылгы, бараан баар, ыарыы да элбэх. Ол иһин Арассыыйалар сылгыны, сүөһүнү таһаарарга, киллэрэргэ кытаанах соҕустар эбит. Москваттан көҥүл кэлбэккэ, аттарын кыраныыссаҕа хаалларарга күһэллибиттэрэ. Ол да буоллар, ыра санааларын толорон, Улан-Баторга сылдьан, Чингисхан түмэлигэр, пааматынньыгар  сүгүрүйэн кэллилэр. Роман эдэр сылдьан, Монголияҕа сулууспалаабыт эбит.

Саамай ыарахан учаастагынан Иркутскай уобалас хайалаах сирэ-уота буолбут. Таастаах буолан, аттар туйахтара элэйбит. От суох буолан, аттар көстө ырбыттар. Онуоха Перевоз сэлиэнньэтин дьоно босхо боккуобалаан биэрбиттэр. Биһиги да дьоммут кинилэр  атыырдарын аттаан биэрэн, көмөлөспүттэр, сылгыһыттары кытта уопут атастаспыттар. Бу курдук, ханна тиийбит сирдэрин ахсын, дьон үтүө баҕа санааларынан көмөлөһөн испиттэр.

Роман Октавианович этэринэн, атынан айан сатыы барардааҕар икки бүк ыарахан. Сатыы киһи бэйэтин баһын эрэ билинэр буоллаҕа. Оттон акка эппиэтинэс үрдүк, күн аайы айахтарын айдаана, аны атахтарын өлөрүөхтэрин, эчэйиэхтэрин, күрээн да хаалыахтарын сөп. Бу маннык айаны сылгыны билэр, уопуттаах эрэ киһи кыайар кыахтаах диэн айанньыттар кэпсээтилэр. Биирдэ аттарын көхсө бааһыра, атаҕын эчэтэ, истэрэ ыалдьа сылдьыбыт эрээри, этэҥҥэ аһардыбыттар. Бурятияҕа тиийиэхтэригэр диэри, балааккаҕа, үүтээҥҥэ хоно сылдьыбыттар, «хата, бүтэй эттээх буолан, тугу да билбэтэхпит, сири-уоту саха үгэһинэн аһата-сиэтэ сылдьыбыппыт» диэн этэллэр.

Бу маннык ыарахан айаҥҥа Арамааҥҥа доҕоро, спортсмен, сылгыһыт, булчут Геннадий өйөбүл, тирэх буолбут. Кини тута сөбүлэһэн, дьиэтин-уотун, хаһаайыстыбатын хаалларан, барсыбыт. «Киһибин түһэн биэриэм, сыыһа туттан, мөлтөөн-ахсаан хаалыам диэн бастаан сэрэхэчийэр этим. Мин туох эрэ буоллахпына, итиччэ ыраах сиртэн таах төннөр буоллахпыт, Арамаан ыра санаата хаалар. Онуоха барыта этэҥҥэ ааста, хайдах эрэ, үөһэттэн көмөлөһөр курдуктара, суол арыллан испитэ» диэн этэр.

Иккиэн да сылгыга, айаҥҥа үөрүйэх, иккилии ый бултуу тахсар, хамсана-имсэнэ сылдьар дьон буолан, ыҥыыр атынан айаны ыарырҕаппатахтар. Роман Дугуйдааны Сунтаартан быһа суолунан Өлүөнэ өрүскэ диэри тиэрдэн биэрбит эбит. Ол онно үлэлиир тэрилтэтэ икки нэдиэлэ устата хамнаһын төлөөн туран, ыыппытын махтана ахтар.

«Ат үрдүгэр үөрэнэн хаалаҕын. Массыынанан айанныырдааҕар букатын атын, айылҕалыын алтыһан, сири-дойдуну көрө-билэ иһэҕин,» — диэн этэллэр. Хайалаах сиргэ аттарыттан түһэн, үксүгэр сатыы хаамаллар эбит. Онно ыйааһыннарын түһэрбиттэр эрээри, Бурятияҕа кэлэн, хас сэлиэнньэ аайы олус үчүгэйдик көрсөннөр, «хата, эптибит быһыылаах» дэһэллэр. Бурятияҕа балааккаҕа да хоммотохтор, ытыс үрдүгэр түһэрэ сылдьыбыттар.

Чахчы, Бурятияҕа аттаах дьоҥҥо сүгүрүйэллэр эбит. «Этэрбэс араадьыйата» үлэлээн, суолга массыыналар тохтоон, суоппардар астарын туппутунан түһэллэр, кэпсэтэллэр эбит. Билэр дьонноругар эрийэн, сэлиэнньэ ахсын үчүгэйдик көрсөллөрүн тэрийэн испиттэр.

Суоппар Эдуард Данзанов этэринэн, бу биһиги айанньыттарбытыгар туох эрэ күүс көмөлөһөр курдук үһү. «Биһиги Монголия кыраныыссатын туоруурбут, хас да бэрэбиэркэни ааһан, хас да чаас устата барара. Оттон кинилэри кытта чаас аҥаарынан туораабыппыт. Хаһан да оннук буолбат этэ. Аны Монголияҕа урут дьону, таһаҕаһы тиэйэ, үлэлии тахсар буолан, үчүгэйдик көрбөт этибит. Бу сырыыга кинилэри таһаара сылдьан, олох атын харахпытынан көрдүбүт, элбэҕи биллибит», — диэн кэпсээтэ.

Монголияҕа сылдьар, массыына көрдүүр кэмнэригэр Кээхтэҕэ аттара нэдиэлэ иһигэр үчүгэйдик аһаан, сынньанан, туруктара тута тупсубут, биллэ сэниэлэммиттэр. Бу кэмҥэ айанньыттар да таах олорботохтор, хаһаайыстыбаҕа көмөлөһө, үлэлии сылдьыбыттар. «Биһиги айаммытын тыһыынча киһи  тэҥҥэ айаннаһа сылдьар курдук, көрө-истэ олорбутуттан ордук астынабыт», — диэн Арамаан эттэ.

Сунтаар улууһун дьаһалтата айаннара саҕаланыаҕыттан сибээстэһэ олорбуттар. Дьаһалта үлэһитэ Семен Глухарев этэринэн, аттары массыынанан тиэйэн аҕаларга, салгыы Сунтаарга илдьэргэ көмөлөһөллөр. Дьон-сэргэ да өйүүр, көмөлөһөр.

Дьокуускайга кинилэри биллэр айанньыт, урбаанньыт Егор Макаров «Муус Хайа» эрэстэрээнигэр көрсөн, кэпсэттэ, аһатта. Салгыы тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин мунньаҕар кыттыыны ылыахтара.

Айанньыттар сынньана түһэн баран, устубут видеоларын түмэн, киинэ оҥоруохтарын, кинигэ да суруйуохтарын баҕараллар. Оттон кинилэри билигин хаһаайыстыбаларыгар кыһыҥҥы үлэ, түбүк кэтэһэр. «Убаһаларбытын да идэһэлэнэ иликпит» дэһэллэр.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: