Аттаах айанньыттар Монголия кыраныыссатыгар чугаһаатылар
Сунтаар Хаданыттан Монголияҕа диэри ыҥыырдаах атынан баран иһэр айанньыттар Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков Улан-Удэ куоракка хас да хонон-өрөөн баран, салгыы айаннаан, Монголия кыраныыссатыгар чугаһаатылар.
Улан-Удэ куоракка тиийэн баран, кинилэр биир күн анаан Иволгинскай дацаҥҥа бара сырыттылар. Бу — Арассыыйа буддизмын киинэ, бүрээттэр ытык сирдэрэ буолар. Манна Хамба Лама Итигелов сүүсчэкэ сыллааҕыта өлөн баран, баччааҥҥа диэри туох да буолбатах этэ-сиинэ сытар. Бу аан дойду үрдүнэн билиниллибит сүдү дьикти буолар. Билиҥҥээҥҥэ диэри көмөлөһө, арчылыы сытар дииллэр. Онон Улан-Удэҕэ тиийбит дьон бу ытык сири ааһа барбаттар.
Бурятия киин куоратыгар кинилэри «Сэргэ» диэн сахалар түмсүүлэрэ сылаастык көрүстэ. Маны тэҥэ, Александр Самбуров диэн киһи аттарын босхо көрдө-иһиттэ, аһатта-сиэттэ. Уопсайынан, суолга көрсүбүт дьоно бары билэллэр — бүрээттэр да, нууччалар да тохтоон кэпсэтэллэр, харчы, ас биэрэллэр, ыалдьыттата ыҥыраллар эбит. Онон айанньыттар Бурятия олохтоохторун ыалдьытымсахтарыттан сөҕөн иһэллэр. Бурятия тэлэбиидэнньэтэ кэлэн, устан, сонуннарга көрдөрбүт.
Улан-Удэттэн тахсан баран, аара кырааскалаах көхсүлээх сүөһүлэр бастакы хаар быыһынан мэччийэ сылдьалларын көрөн, муодарҕаатылар. Сүөһүлэрин итинник бэлиэтииллэр эбит. Улан-Батортан иһэр таксист тохтоон, кэпсэттэ. Дьиктитэ диэн, бу нууччалыы үчүгэйдик саҥарбат монгол киһитэ сахалыы ырыалары истэр эбит. Массыынатыттан Атамай Уйбаан «Уонна хаһан?» диэн ырыата дьиэрэйэр. Таксист көмөлөһүөх буолла, төлөпүөнүн биэрдэ.
Сэтинньи 1 күнүгэр Оронгой хочото диэн сиргэ национальнай спорт көрүҥнэрин оҕолорго үөрэтэр оскуолаҕа тиийдилэр. Кинилэри манна Нима Батуев диэн уһуйааччы, эмчит уонна оҕолор утары кэлэн көрүстүлэр. Оҕолор сүүрүүк аттарга олорбутунан төрөөбүт курдуктар, бэл, сүүрдэн иһэн, сиртэн тугу эрэ ылан ааһаллар. Уҥуоҕу охсуу диэн спорт көрүҥэр, тустууга, бокска, саахымакка, дуобакка, о.д.а. үөрэтэллэр эбит. «Букатын Коркин интэринээтин курдук олороллор, дьиссипилиинэ, эрэсиим бөҕө, оҕолор, эчи, аламаҕайдарын, сытыыларын-хотууларын», —диэн Арамаан сөхтө.
Нима Батуев кинилэри эмтээтэ, илиҥҥи ньыманан илбийдэ. Ол быыһыгар көньүүһүнэҕэ тахсан, сүүрүк аттарга олорсон, сүүрдэн көрдүлэр, манна ипподром баар эбит. Бу үтүөкэн киһиэхэ махтанан, Арамаан кэргэнэ өрбүт кыл сэлээппэтин уонна дэйбиири бэлэхтээтэ.
Арамаан уһуйааччыларын кытта тустан көрдө. «Биһиэхэ эмиэ маннык курдук хапсаҕай диэн баар, дьарыктамматаҕым букатын ыраатта», — диэтэр да, Арамаан, хата, киһитин иккитэ охтордо. Онон, буорах өссө да баар эбит. Чахчыта да, маннык ыарахан айаҥҥа күүстээх, тулуурдаах, элбэҕи сатыыр, кыайар, аты билэр эрэ киһи кыайан сылдьар буоллаҕа. Бүрээттэр ону өйдүүллэр, сөҕөллөр-махтайаллар.
Бу курдук хонон-өрөөн баран, салгыы айаннарыгар туруннулар. Оҕолор аттарыгар олорон, атааран биэрдилэр. Монголия кыраныыссата Улан-Удэ куораттан сүүрбэччэ көс. Онон аҕыйах хонугунан тиийиэхтэрэ. Манна биир кыһалҕа күөрэйэн таҕыста. Аттары киллэрэллэрэ саарбах, киллэрдэхтэринэ да, таһаарбаттар үһү. Онон, «чэ, көстөн иһиэ» диэбитинэн, иннилэрин диэки баран иһэллэр.
Арамаан бачча кэлэн баран, хайаатар да ыра санаатын толорор санаалаах. Кини бу маннык ыраах айанныырын эдэр эрдэҕиттэн ыра санаа оҥостубут эбит. Хас да сыллааҕыта Дугуйдааннааҕы көрсөн, атааран баран, ол ыра санаата хат күөрэйэн кэлбитэ. Биирдэ Саха сиригэр суола-ииһэ суох сиринэн 600 км айаннаан тураллар. Биэнсийэҕэ тахсан баран, түгэни мүлчү туппакка, айаҥҥа туруммуттара. Уһун айаннарыгар ыарахаттары да, бэрт интэриэһинэй дьону да көрүстүлэр. Улуу Азия нэлэһийэр кэйээригэр (истижбигэр) үктэннилэр. Бу манна түҥ былыр төрүттэрбит бииргэ блкуһан олордохторо, ол да иһин, билигин да бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү баар эбит. Устуоруйаҕа киирэр, умнуллубат айан буоллаҕа.
Дьэ, монголлар бүрээттэр курдук көмөлөһүөхтэрэ дуо? Нууччалыы да үчүгэйдик билбэттэр дииллэр. Атын дойду, атын тыл, атын сокуон буоллаҕа. Ол эрээри, биир уопсай төрүттээхпит, үгэстэрбит атылыылара, уруургуу көрөллөрө, сылгыга сүгүрүйэллэрэ көмөлөһөрө дуу? Оттон сахалар бэйэбит көмөлөһүөхпүт дуо?
Чэ, онон, барыта көстөн иһиэҕэ. Айанньыттарбыт аартыктара арыллан истин, суолга үтүө эрэ дьон көрүстүн, барыта табылыннын!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: