Аттаах айанньыттар Монголия кыраныыссатыгар тиийдилэр

Share

Сэтинньи 6 күнүгэр ыкса түүн  ыҥыыр аттаах айанньыттар Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков Монголия кыраныыссатыгар турар Кяхта куоракка тиийдилэр. 

Хаартыска: телеграм-ханаалтан.

Кинилэр Сунтаар Хаданыттан атырдьах ыйын 15 күнүгэр аттаммыттара. Сунтаартан быһа Туруктаҕа диэри, онтон Маачанан, Бодойбонон Бурятияҕа тиийбиттэрэ. Былыр бу Тайҕа диэн ааттаммыт сиринэн-уотунан былыргы саха атыыһыттара, булчуттара, айанньыттара атынан, табанан сылдьыбыт аҕай сирдэрэ. Холобур, Сунтаартан  Тэрэппиин атыыһыт Кяхтаҕа тиийэн эргинэрэ үһү.

Айанньыттар кинилэр суолларын суоллаан, ыҥыырдаах атынан айаны эттэринэн-хааннарынан билэн, 3000 кэриҥэ килэмиэтир сири үс ый кэриҥэ айаннаатылар. Саамай уустук сир — Саха сириттэн Иркутскай уобаласка тиийэ, суола-ииһэ суох, хайалаах сиринэн айан этэ. Ат сиир ото суох буолан, эрэйи көрбүттэрэ. Маны тэҥэ, таастаах сиргэ уонна аспаалга аттар туйахтара элэйэн, эрэйдэммиттэрэ. Хата, ханна тиийбит сирдэрин ахсын, сахалар да, бүрээттэр да, нууччалар да олус үчүгэйдик көрсөн, аһатан-сиэтэн, хоннорон, аттарын боккуоптаан, кыалларынан көмөлөһөн испиттэрэ.

Кяхтаҕа кинилэри хаһаак атамаана Виктор Цырепов көрүстэ. Барыта эрдэттэн кэпсэтиинэн, бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэн, хас сэлиэнньэ аайы итинник көрсөллөр.

Дьэ, Монголия кыраныыссатыгар тиийдилэр, ол эрээри, билигин салгыы аттары киллэрэллэр дуу, киллэрбэттэр дуу диэн боппуруос сытыытык турар. Кыраныыссаттан Улан-Батор куоракка диэри 300-чэкэ килэмиэтир. Аттары киллэрбэт буоллахтарына, массыынанан да баран кэлиэхтэрин сөп. Бу күннэргэ ону быһаарсыахтаахтар.

Кяхта (бүрээттии Хяагта хото) — Кяхтинскай оройуон киинэ, 18 тыһыынча киһи олорор кыра куорат. 1727 сыллаахха төрүттэммитэ. Монголия кыраныыссатыгар турар буолан, судаарыстыбаннай суолталаах. Манан Монголияҕа тиийэр суол ааһар. Бу суолунан Кытайга эмиэ барар этилэр. 19-с, 20-с үйэлэргэ Арассыыйа уонна Кытай атыытын-эргиэнин киинэ буолбута. Манна Саха сириттэн тиийэ түүлээҕи аҕалан, атын да табаары атыылыыллара. Кытайдар сүрүннээн чэйи, солко таҥаһы, фарфор иһити аҕалаллара. Онон Кяхта бүтүн Арассыыйаны уонна Арҕаа Европаны чэйинэн хааччыйара. Ол иһин кытай чэйин «кяхтинский чай» диэн ааттыыллара.

Ол да иһин Сунтаартан меценат Трофим Васильевич Павлов-Тэрэппиин атыыһыт атынан айан бөҕөтүн айаннаан, таһаҕас аҕалар уонна атыылаһан барар, Кытайы кытта сибээһи тутар эбит. Биһиги айанньыттарбыт аныгы кэмҥэ кини суолунан толору айаннаатылар, сыалларын ситистилэр.

What’s your Reaction?
+1
20
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокуускайга бастакы тифло-бэстибээл ыытылынна

Дойду үрдүнэн харахтарынан көрбөт дьоҥҥо туһуламмыт «Үрүҥ торуоска» аахсыйа сылын ахсын алтынньы ый 15 күнүттэн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үгэскэ кубулуйда

Быйыл үгэс быһыытынан "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ  бэрт  кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлэхтиэҕэ. Ол…

4 часа ago
  • Сонуннар

Урбаанньыт дьахталлар сонун сүүрээннэри торумнаатылар

Бу күннэргэ Дьокуускайга урбаанньыт дьахталлар “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” бырайыак олоххо киириитин 10 сыллаах үбүлүөйүн…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ бүлүүлэр байыастарга баһыылка ыыттылар

Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо байыастарга анаан баһыылкалары бэлэмнээн, икки массыынанан Дьокуускайга ыыттылар. Бу туһунан улуус…

5 часов ago
  • Сонуннар

Таатта улууһун баһылыктарын сэбиэтэ сүбэ мунньаҕы ыытта

Бу күннэргэ баһылыктар сэбиэттэрин уочараттаах мунньаҕар Таатта улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөхүмэҕэ ойуур кыылларын аһаталлар

Кыһыҥҥы кэмҥэ кыыл-сүөл ордук эбии аһылыкка наадыйар. Эбии аһылыгы, тууһу уонна сэбирдэхтээх талахтары дьиикэй кыыллар…

6 часов ago