Ыҥыыр атынан Монголияҕа баран иһэр айанньыттар Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков сэтинньи 11 күнүгэр Улан-Батор куоракка тиийдилэр. Кинилэр аттарын кыраныысса таһыгар хаалларарга күһэлиннилэр.
Айанньыттар түөрт атынан Сунтаар Хаданыттан атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыраах айаҥҥа туруммуттара. Үс ый кэриҥэ айаннаан, ыҥыыр атынан 2,5 тыһыынча кэриҥэ килэмиэтири баран, сис ойуурдары, хайалары, өрүстэри туораан, Монголия кыраныыссатыгар кэлбиттэрэ. Ол эрээри, аттарын кыраныысса таһыгар хаалларарга күһэлиннилэр. Хата, Кяхта куоракка көрөр-истэр киһини булан, хааллардылар.
Сылгылары Монголияҕа киллэрэргэ элбэх докумуон, ыспыраапка ирдэнэр эбит, маны оҥорторорго бириэмэ бөҕө барыыһы. Ол иһин аттарын хаалларан баран, бэйэлэрэ массыынанан Монголия киин куората Улан-Баторга тиийэргэ соруннулар.
Монголияҕа киирэргэ туох да ыҥырыы ирдэммэт. Кыраныысса таһынааҕы пааспары, мэдиссиинэ страховкатын көрдөрдүҥ, кыра пошлина төлөөтүҥ да, киирэҕин. Бурятия олохтоохторо үгүстүк сылдьаллар. Онон айанньыттарбыт таможняҕа биэс бэрэбиэркэни ааһан, этэҥҥэ туораатылар.
Аара Сухбаатар, Дархан куоракка сылдьан, Дацан куоракка хоннулар, маҕаһыыннарга, ырыынакка сырыттылар. Кинилэри Бурятиятааҕы доҕотторо илдьэн иһэллэр. Сахалыы, бүрээттии ырыалары ыллыы-ыллыы айанныыллар. Суоллара аспаал, олус көнө, үчүгэй. «Урут истиэпкэ буор суол эрдэҕинэ, быыла бурҕайан олорор этэ», — диэн суоппар кэпсиир. Биир куоракка сылдьан, Бурятияҕа хонон-өрөөн ааспыт дьоннорун көрсөн, үөрүү-көтүү бөҕө буоллулар.
Киэҥ кэйээр (истиэп) улуу дуолугар быыһа суох үгүс сүөһү, сылгы, бараан үөрэ мэччийэ сылдьарын көрөн, сөрү диэн сөхтүлэр. Сүүһүнэн тыһыынча сүөһү көстөр. Монголия этинэн-үүтүнэн бэйэтин хааччынар эрэ буолбатах, тас дойдуларга эмиэ таһаарар. Ол да иһин кыраныысса тас өттүттэн ыарыыны киллэриэхтэрэ диэн, сылгыны-сүөһүнү киллэрии кытаанахтык хонтуруолланар эбит.
Бүгүн Улан-Баторга тиийэн,сынньана түһэн баран, улуу Чингисхан пааматынньыгар, о.д.а. кэрэ-бэлиэ сирдэргэ сылдьыахтара. Саха сиригэр массыынанан төннөргө былаанныыллар.
Дойду үрдүнэн харахтарынан көрбөт дьоҥҥо туһуламмыт «Үрүҥ торуоска» аахсыйа сылын ахсын алтынньы ый 15 күнүттэн…
Быйыл үгэс быһыытынан "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ бэрт кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлэхтиэҕэ. Ол…
Бу күннэргэ Дьокуускайга урбаанньыт дьахталлар “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” бырайыак олоххо киириитин 10 сыллаах үбүлүөйүн…
Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо байыастарга анаан баһыылкалары бэлэмнээн, икки массыынанан Дьокуускайга ыыттылар. Бу туһунан улуус…
Бу күннэргэ баһылыктар сэбиэттэрин уочараттаах мунньаҕар Таатта улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһин…
Кыһыҥҥы кэмҥэ кыыл-сүөл ордук эбии аһылыкка наадыйар. Эбии аһылыгы, тууһу уонна сэбирдэхтээх талахтары дьиикэй кыыллар…