Аттаах айанньыттар Саха сиригэр төннөн иһэллэр
Атынан Монголияҕа тиийбит айанньыттар Роман Попов, Геннадий Пустоляков Саха сиригэр айаннаан иһэллэр. Кинилэр аттарын таһаҕас массыынатыгар тиэйэн, Забайкальскай кыраайга кэллилэр.
Кинилэр Бурятияттан сэтинньи 23 күнүгэр хоҥнубуттара. Аттарын бириһиэн сабыынан сабан, тиэйэн иһэллэр, онон тоҥмоттор, төттөрүтүн, бэйэлэрин тыыннарыгар итииргииллэр, көлөһүннүүллэр дииллэр. Тохтоон аһатан, уулатан баран, салгыы айанныыллар, массыынаттан түһэрбэттэр. Аттар туруктара үчүгэй.
Бөөлүүн Забайкальскай кыраай Могоча куоратыгар кэлэн, гостиницаҕа хоннулар. Ол диэки суол-иис үчүгэй, халлаан сылаас. Суоппардар солбуһан ыыталлар. Онон суолларын ортолостулар. Оттон иккис айанньыт, Геннадий Пустоляков, массыына кабинатыгар эбии миэстэ суох буолан, пуойаһынан айаннаан иһэр.
Аттарын таһаҕас массыынатынан тиэйэн аҕаларга 300 тыһыынча солкуобай кэриҥэ наада буолбута. Онуоха биир дойдулаахтара, телеграм-ханаалга кинилэр айаннарын кэтээн көрөөччүлэр бырахсан, 100 тыһыынчаттан тахса солкуобай хомуллубута. Маны тэҥэ, Сунтаар улууһун дьаһалтата эмиэ көмөлөспүтэ.
Айан этэҥҥэ буоллаҕына, балтараа-икки суукканан Аллараа Бэстээххэ кэлиэхтээхтэр. Аны Сунтаарга тиийиэхтэрин наада. Айанньыттар Сунтаар Хаданыттан 3 тыһыынча кэриҥэ килэмиэтир усталаах сири 3 ый устата ыҥыырдаах атынан айаннаан, Монголия кыраныыссатыгар тиийбиттэрэ. Кинилэр саха айанньыттара, атыыһыттара сылдьыбыт суолларын сөргүтэр сыалларын толорбуттара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: