Салгыы
Атын киһи аатыгар кирэдьиит ылбыт…

Атын киһи аатыгар кирэдьиит ылбыт…

Ааптар:
23.11.2022, 15:33
Бөлөххө киир:
Олоххо араас түбэлтэ буолар. Ол курдук, биир дьахтар атын киһи аатыгар кирэдьиит ылбыт…
Саас-сааһынан кэпсээтэххэ, дьэ маннык. Хаҥалас улууһун олохтооҕор микрофинансовай тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ, иэс ылбыт харчыгын төлөө диэн, тохтоло суох төлөпүөннээн сордообуттар. Күн ахсын эрийэллэр эбит. Аны киһи соһуйуон иһин, кини бэйэтэ олох даҕаны кирэдьиит ылбатах эбит.  Эр киһи тулуйа сатаан баран полицияҕа үҥсүбүт.

Быһаарсан билбиттэрэ, кирэдьиити кини аатыгар урут бииргэ олорбут 31 саастаах дьахтар ылбыт эбит. Дьахтар эр киһи пааспарын туһанан, интэриниэт нөҥүө микрозайм ылбыт.  14 000 солкуобайы кирэдьиит ылан баран, дьахтар бэйэтин счетугар көһөрөн баран матайдаан кэбиспит.

Түмүгэр, киһи аатыгар кирэдьиит ылбыт дьахтарга РФ Холуобунай кодексын  «Мошенничество в сфере кредитования» диэн ыстатыйанан холуобунай дьыала көбүтүллүбүт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: