Атын киһи аатынан кирэдьиит ылбыт урукку баан үлэһитигэр холуобунай дьыала тэрилиннэ
20.11.2024, 18:30
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
ИДьМ Нам улууһунааҕы отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар биллибэт киһи кини аатыгар 335535 тыһ. солк. суумаҕа кирэдьиит оҥотторбутун уонна онтун устан ылбытын туһунан үҥсүү суруйбут.
Суһал көрдөөһүн үлэ түмүгүнэн, холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ буруйу оҥорууга 43 саастаах дьахтар кыттыгастааҕын быһаардылар диэн ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Биллибитинэн, уорбаланааччы бааҥҥа үлэлии сылдьан, эмсэҕэлээччигэ урут кирэдьиит ыларыгар докумуонун толорсубут уонна ол куопуйатын туһанан, кини аатыгар 335 535 солкуобай суумалаах кирэдьиити ылбыт. Уорбаланааччы кирэдьиит харчытынан дьиэҕэ туттуллар уонна цифровой тэриллэри атыыласпыт.
РФ Холуобунай кодексатын 159-с ыстатыйатын 3-с чааһынан (“Түөкүннээһин”) холуобунай дьыала тэрилиннэ.
+1
6
+1
+1
+1
+1
10
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: