Салгыы
Атын үлэһит эбээһинэстэрин толоруу төлөнөр дуо?

Атын үлэһит эбээһинэстэрин толоруу төлөнөр дуо?

03.04.2024, 15:00
Хаартыска: Объясняем.рф
Бөлөххө киир:

Үлэҕэ атын киһи эбээһинэһин толоруу төлөнөр дуо? Бу туһунан Объясняем.рф портал быһаарар.

Үлэһит соһуччу уурайан баран хааллаҕына, киниэхэ суһаллык солбук ирдэнэр. Маннык түгэҥҥэ бу үлэһит эбээһинэстэрин атын үлэһиккэ толорторо биэрэллэр. Бу эбии ноҕорууска араастык төлөнөр.

Эбии төлөбүр кээмэйин быһаарар туһуттан, үлэ дуогабарыгар эбии сөбүлэһии түһэрсиллиэхтээх, эбэтэр, туспа бирикээс тахсыахтаах. Бу докумуоннарга эбии үлэ кээмэйэ, толоруллар болдьоҕо уонна эбии төлөбүр суумата суруллар.

Үлэһит харчынан төлөбүрү мыыннаҕына, эбии эбээһинэстэри толорортон аккаастанар бырааптаах. Ол эрээри, бу эбии үлэни толоруу үлэ дуогабарын, эбэтэр, дуоһунас инструкциятын чэрчитинэн, үлэһит эбээһинэстэригэр киирбэтэх эрэ буоллаҕына, эбии төлөбүр көрүллэр. Ол эбэтэр, бу докумуоннарга быстах кэмҥэ кэллиэгэни солбуйуохтааххыт диэн суруллубут буоллаҕына, эбии төлөбүр көрүллүбэт.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 20°C
  • Ощущается: 20°Влажность: 77% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: