Атырдьах ыйа — Аан Дьааһын ыйа

Share

Ый бэлиэтэ — тоҕус мутуктаах дүҥүр ойуута.

Дүҥүр тыаһа этиҥ ньирилииригэр дьүөрэ. Бу тыас аналын быһыытынан ыраастыыр ыйаахтаах. Дүҥүргэ чугас, дүҥүрү сатаан тутар-хабар дьону бу кэмҥэ Аан Дьааһын аатын ааттаан хараҕы аһар, кырдьыгы арааран билэр алгыһы түһэриэхтэрин сөп. Сатаабат сата баһын тардар дэнэр. Онон сатаабат эрээри мээнэ этэр-саҥарар, тыас таһаарар сэрэхтээх.

Оттон дүҥүр сирэйин быһыыта сымыыт ньолбоҕорун курдук. Сымыыттан олох үөскээн-төрөөн тахсар буолан,  сымыыт өйдөбүлэ омук-омук ахсын бары баар. Бүтэй, күрүө тутуута диэн эмиэ бэрт дьирээлээх үлэ баар. Бүтэй икки, күрүө икки эмиэ түгэхтээх тутуулар. Оттуур сири сымыыттааҕар бүтэй гына бүтэйдээн кэбиһэллэр. От күрүөтэ икки, киһи сүрүн күрүөтэ икки дьүөрэлэр. Кэбиһиилээх от быһыыта сымыыт курдук буоллаҕына, букатын сытыйбат. Оттон саха кыыһа сымыыттааҕар бүтэй буолуохтаах диэн  Айыыһыт үөрэҕэр кытаанах үөрэх баар.

Атырдьах ыйын билгэтэ

1 — ардаатаҕына, күһүнэ өксүөн, курааннаатаҕына, күһүнэ кураан буолар.

2 — куйаас аны түспэт, сөтүөлээһин уурайар.

10 — моонньоҕон буһар.

14 — Бастакы Ыспааһан. Ыспааһаптар ардахтара түһэр. Хотуур ортото. Ыҥырыа мүөт таһара уурайар.

16 — силлиэ түстэҕинэ, кыһына хаардаах буолар.

17 — хараҥаччы барар.

19 — Иккис Ыспааһап. Хаһыҥ түһэр.

27 — тыаллаах ардах түстэҕинэ, балаҕан ыйа силбиктэнэр.

29 — Үһүс Ыспааһап. От үлэтэ үмүрүйэр. Ый бүтүүтэ оту-маһы орохсутар тыал түһэр. Эһиил үчүгэй дьыл кэлиэх буоллаҕына, от кэнчээрилиир.

Саха ыалын халандаардарыттан, 2015, 2024  сс.

«Айар» кинигэ кыһата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

7 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

7 часов ago