Атырдьах ыйа – Аан Дьааһын ыйа

Share

Дьон бу кэмҥэ оттообут отун кэбиһэр. Ол иһин, атырдьах ыйа диэн ааттыыллар. Бу ый олунньуну батыһар. Сайыны иэҕэр самыыр уонна өксүөн ардаҕа диэн икки сүрүн ардахтаах.  Ый бүтэһигин эргин оту-маһы сыырар тыал түһэн, күһүҥҥү күн-дьыл саҕаланар.  Ол үксүгэр ортоку Ыспааһапка – атырдьах ыйын 19 күнүгэр сөп түбэһэр.

Ый ортотугар бурдук буһар, саҥа бурдуктан алаадьы сиэниллэр. Моонньоҕон аһа ситэр, ый бүтүүтэ тэллэй, отон үүнэр. Дьон үксэ айылҕа үтүөтүн сомсон, сир аһын хомуйа тыаҕа тахсар.

Күн-дьыл туран биэрдэҕинэ, бу ыйга оттооһун үлэтэ түмүктэниэхтээх.

Таҥаралар күннэрэ:

Ылдьыын – атырдьах ыйын 2 күнэ. Бу күн күнүскү аһылыкка диэри сайын, онтон киэһэтэ күһүн. Кус оҕото көтөр. Түүн хараҥаран барар. Сорох дьыл бастакы хаһыҥнар түһэллэр. Сөтүөлээһин бүтэр. Ыаллар хортуоппуйдарын амсайаллар.

Бастакы Ыспааһап – атырдьах ыйын 14 күнэ. Сахаларга хотуур ортото, онон бу күн сынньаналлар. Анды оҕото түөрт харах буолар. От-мас  кэхтэн, сарт кутуруга дьүһүннэнэр.

Ортоку Ыспааһап – атырдьах ыйын 19 күнэ. Бурдук хомуура саҕаланар. Күһүҥҥү ардахтар, хаһыҥнар түһэллэр. Бу күн хайдаҕый да, Бокуруопка оннук күн буолар.

Кэнники Ыспааһап – атырдьах ыйын 28 күнэ. Бу күн оту-маһы сыырар тыал түһэр. Ол аата – от-мас уутун куурдан, тымныы түстэҕинэ иһэлиппэт, үлүппэт гына тыалынан көтүтэр. Хас эмэ хонуктаах ардаҕынан бэлиэтиир.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago