Атырдьах ыйыгар 841 оҕо төрөөтө

Share

Атырдьах ыйыгар Саха сиригэр 841 оҕо төрөөтө: 459 уол уонна 382 кыыс. 2024 сыл аҕыс ыйын устата барыта 7110 оҕо төрөөтө: 3515 кыыс, 3595 уол.

ЗАГС управлениета иһитиннэрбитинэн, атырдьах ыйыгар саамай элбэхтик уолаттары Лев, Айтал, Иван, Артём, Дамир, Тимофей, Матвей, Марк диэн ааттаабыттар.

Сэдэх ааттарга: Будимир, Вильямин, Властимир, Гектор, Дэн, Лион, Матфей, Орлан диэн ааттар бааллар эбит.

Атырдьах ыйыгар кыргыттарга саамай тарҕаммыт ааттар: Кэрэли, Аделина, Мия, Амелия, Ева, Эмилия, Алиса, Виктория, София диэн эбиттэр.

Оттон сэдэх ааттар: Августа, Белла, Вивиана, Дара, Кайя, Лиана, Максилена, Осия, Сияна.

Бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит «Демография» национальнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн, Ил Дархан Айсен Николаев «100 сыл оҕолоро» хапытаалы киллэрбитэ. Бу хапытаал өссө 5 сылга уһаабыта уонна сыллата индексацияланар. Атырдьах ыйыгар төрөөбүт оҕолор төрөппүттэрэ бары бу хапытаалы туттулар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

35 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

2 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

2 часа ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

2 часа ago