Салгыы
Атырдьах ыйыгар быйаҥ баһыллар

Атырдьах ыйыгар быйаҥ баһыллар

03.08.2024, 13:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Аан Дьааһын ыйа дойдубут  дьонун-сэргэтин  олоҕун таарыйар, ордук элбэх уларыйыылары, саҥаны киллэрэр ыйынан биллиэҕэ. Ый саҥатыттан олохпутугар-дьаһахпытыгар сыһыаннаах элбэх уларыйыылар киириэхтэрэ. Бүгүн саҥа сокуоннартан сүрүннэрэ диэбиппитин билиһиннэрэбит.

БИЭНСИЙЭҔЭ ЭБИЛИК

Атырдьах ыйын бастакы күннэриттэн кыттыгас үбүлээһин бырагырааманан 118,8 тыһ. биэнсийэлээхтэр мунньуллар биэнсийэлэрин кээмэйэ 7% үрдүөҕэ. Ити кэмҥэ ыйдааҕы төлөбүргэ эбилик кээмэйэ 41,8 тыһ. кыттыгас үбүлээһин бырагыраама кыттааччыларыгар 6,92% эбиллиэ­ҕэ. Социальнай пуондаҕа хос ааҕыы управляющай хампаан­ньалар харчыларын инвес­тициялаабыттарын түмүгэр оҥоһулларын бэлиэтииллэр. Манан биэнсийэҕэ хос ааҕыы түмүктэммэт, ол курдук былырыын үлэлээбит аҕам саастаахтарга страховой биэнсийэлэрэ эмиэ эбиллэн түһүөҕэ. Итиннэ төлөбүр кээмэйин ааҕыы хамнас сууматыттан тутулуктанар, ол эрээри хас ый эбэтэр толору сыл үлэлээбиттэн тутулуктаммат. Биири өйдүөххэ наада, социальнай пуондаҕа тиийэр, сайабылыанньа суруйар ирдэммэт.

ОЛОХТООХ ДЬОКУТААТ БЫРААБА КЭҤИИР

Сотору кэминэн муниципальнай дьокутааттар олохтоох дьаһалтаны үөскэтиигэ кытталларыгар кыах бэриллиэҕэ. Ол иһигэр дьокутааттар дьаһалта баһылыгын солбуйааччытын, ону тэҥэ атын салааларынан салайааччылары аныыр­га сөбүлэһиннэрэр быраап­таналлар. Бу муниципальнай тэриллии устаабыгар бигэргэниэҕэ. Онон устаапка саҥа балаһыанньаны уонна бэрээдэги киллэриэххэ наада буолуоҕа.

СПОРТСМЕННАР ТӨЛӨБҮРДЭРЭ ҮРДҮҮР

Саха сиригэр Олимпиада, Паралимпиада, Сурдо­лим­пиада, «Үтүө Дьулуур» оонньууларын чөмпүйүөннэрин уонна призердарын матырыйаалынай өттүнэн хааччыйыыга төлөбүр кээмэйэ улаатар. Мантан инньэ кылаан чөмпүйүөннэргэ 100000 солк., үрүҥ көмүс призердарыгар 75000 солк., боруонса призердарыгар 50000 солк. ый ахсын бэриллиэҕэ. Ону сэргэ сокуон бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэҕэ киирбитинэн суоттанан, кэнники ыйдарга хос ааҕыллыаҕа (перерасчет). Билигин, биллэрин курдук, Саха сирин үрдүнэн бу киритиэрийдэргэ сөп түбэһэр  чулуу көрдөрүүлээх бастыҥ 16 спортсмен баар, кинилэргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн уопсайа 7,8 мөл. солк. суума­лаах төлөбүр оҥоһуллуоҕа.

УСТУДЬУОННАР КЫАХТАРА ЭБИЛЛЭР

«Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстааһын туһунан» сокуоҥ­ҥа киирбит уларыйыынан «Килиниичэскэй мэдиссиинэ» салаатынан ординатордарын бөлөхтөрө федеральнай со­­куон бэрээдэгинэн уонна усулуобуйатынан быраас-стажер дуоһунаһыгар балыыһаҕа үлэлиир кыахтаналлар. Ол курдук, быраастар уопсастыбалара бу сылтан муҥура суох хаҥаан биэриэҕэ.

ХАҺААЙЫСТЫБАННАЙ КИНИГЭ ХОНТУРУОЛГА ЫЛЫЛЫННА

Хас биирдии нэһилиэккэ суолталаах боппуруостары быһаарыыга,  хаһаайыстыбалары учуоттуурга  билиҥҥэ диэри хаһаайыстыбаннай кини­гэлэри туһаналлар. Ол курдук, урут ийэ кинигэни толоруу, учуоттаа­һын «Бэйэ хаһаайыс­тыбатын тэринии туһунан» сокуон нуор­матынан ирдэнэр буоллаҕына, саҥа киирэр уларыйыынан олохтоох дьаһалта бу ирдэбили устаабынан толорор буолуоҕа. Ол курдук, «Олохтоох сала­йыныыны тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан» сокуон балаһыанньатыгар киирэн биэрдэ. Ити курдук биирдиилээн хаһаайыс­тыбалар сүрүн сокуонунан сөптөөх көмөнү ылар кыахтаннылар.

ЭЛБЭХ ОҔОЛОНУУ ӨЙӨБҮЛЭ

Саха сиригэр саҥа ыйтан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ыстаатыһа болдьоҕо суох ананар буолар. Ону тэҥэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр  саҥа дастабырыанньаларын биир кэлим көрүҥэ киирэн биэрэр. Ол курдук, саҥа олоххо киирбит сокуонунан бу ыстаатыһы дойдуга үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар бары болдьоҕо суох сүгэр бырааптаахтар.

Ити курдук, Саха сиригэр үс уонна онтон элбэх оҕолоох 34 тыһ. тахса дьиэ кэргэттэрбит өрөспүүбүлүкэҕэ көрүллэр бары чэпчэтиилэринэн улахан оҕолоро 23 сааһын туолуор диэри хааччаҕа суох, онтон атын, чуолаан, култуура тэрилтэлэригэр, пааркаларга чэпчэтиилэринэн болдьоҕо суох туһаныахтара.

ОДЬКХ ӨҤӨТҮН ТӨЛӨБҮРЭ

Тохсунньуттан дьиэ-уот, хомунаалынай өҥө төлө­бүрдэрэ үрдээри туралларын туһунан кэпсэтии барбыта балачча буолла. Дьэ, бу ыйтан хомунаалынай өҥө төлөбүрэ от ыйын 1 күнүттэн үрдээбитинэн бастакы кибитээнсийэлэр кэлиэхтэрэ. Төлөбүрү атыр­дьах ыйын 10 күнүгэр диэри төлүөххэ наада. Иэскэ эрэ кииримиэххэ, уһатымыахха-тэнитимиэххэ наада.

СЫЫППАРА ХАРЧЫНЫ НЭҺИЛИЭСТИБЭҔЭ БИЭРИИ

Аан дойду үрдүнэн кумаа­ҕы харчыны уонна каартаны таһынан өссө сыыппара харчы диэн өйдөбүл киирэн эрэр. Арассыыйаҕа былырыын манна анаан сокуон таһаарбыттара. Сыыппара солкуо­бай национальнай валюта биир көрүҥүнэн буолар. Бэйэтин аата да этэринии, бу электроннай харчы. Саҥа ыйтан бу валюта Гражданскай Кодекс тиһигэр киирэн биэрэр. Ол курдук, бу харчыны кэлэр көлүөнэҕэ нэһилиэстибэҕэ аныахха уонна хаалларыахха сөп буолар. Бу сыалга саҥа харчы бааннарынан анал счеттарынан харайыллыаҕа.

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: