Соторутааҕыта Иннокентий Бечеканов дириэктэрдээх “Нефроклиника” диализ оройуоннар икки ардыларынааҕы килииникэтин салалтата уонна Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев көрүстүлэр.
Оробуочай мунньахха килииникэ дьиэтин өрөмүөнүн хаамыытын дьүүллэстилэр. Үлэ түмүктэнэн эрэр, мэдиссиинискэй тэриллэри аҕаллылар, үлэһиттэр эбии үөрэннилэр уонна атырдьах ыйыгар бастакы эмтэнээччилэри көрсөргө бэлэмнэр.
Санатан эттэххэ, ааспыт сыл олунньутугар СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын вице-спикерэ, Ньурба улууһуттан дьокутаат Антонина Григорьева нефрология ыарыылаахтарга диалиһынан көмөлөһүү боппуруостарыгар көрсүбүтэ. Бу көрсүһүүгэ кини Ньурба улууһугар ааһан араҕан биэрбэт бүөр ыарыылаахтарга диализ миэстэтин арыйарга көмөлөһөр баҕалааҕын туһунан “Тулуур” кэмиэрчэскэйэ суох уопсастыбаннай тэрилтэни тэрийбит Марфа Николаевнаҕа Бурцеваҕа уонна бүөр ыарыылаахтары эмтиир мэдиссиинискэй тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэригэр иһитиннэрбитэ. Онон, Ньурба, Сунтаар уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын ыарыһахтарын хааччыйар диализ саалалаах “Нефроклиниканы” арыйарга үлэ саҕаламмыта.
Маннык Киин аһылларын Бүлүү бөлөх улуустарыгар олорор ыарыһахтар олус күүтэллэр. Билигин диализка наадыйар ыарыһахтартан Ньурба улууһуттан 20 киһи, Сунтаары уонна Үөһээ Бүлүүнү холбоон 70-тан тахса киһи Дьокуускайга эмтэнэр.
«Биһиги ыарыһахтарбыт нэдиэлэ аайы бэнидиэнньиккэ, сэрэдэҕэ уонна бээтинсэҕэ үс процедураны ылыахтаахтар. Диализ биир сеанса 4 чаас устата барар. Үгүстэр Дьокуускайга олорор сирдэрэ суох, ол гынан баран, эмтэниэхтээхтэринэн сибээстээн, дьиэ кэргэттэриттэн уонна чугас дьонноруттан ыраах сылдьарга күһэллэллэр. Ол иһин кинилэр ускуустубаннай бүөргэ диализ саалатын арыйарга көмөлөһөргө көрдөспүттэригэр мин, быраас быһыытынан, туора турар кыаҕым суоҕа. Ньурба улууһун баһылыга балаһыанньаны өйдөөбүтэ кэрэхсэбиллээх, билигин дьиэ өрөмүөнүн үлэтэ түмүктэнэн эрэр, СанПиН ирдэбиллэригэр эппиэттиир, — диэтэ Марфа Бурцева.
«Ускуустубаннай бүөр биир аппаратыгар (АИП) 14 квадратнай миэтэрэттэн итэҕэһэ суох иэннээх болуоссат ирдэниллэр. Ол иһин туспа септик уонна уу иһитэ туруорулуннулар. Манна даҕатан эттэххэ, уу хаачыстыбата эмиэ олус суолталаах. Диализ килииникэтэ 60 эмтэнээччигэ тиийэ хааччыйар кыамталаах 10 аппараакка суоттаныллыбыт. Онон, “Нефроклиника” атырдьах ыйыгар бастакы эмтэнээччилэрин көрсүөҕэ”, — диэтэ Иннокентий Бечеканов.
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…