Атырдьах ыйыгар оҕуруот аһын көрүү
Атырдьах ыйа – сайын бүтэһик ыйа. Халлаан сыыйа сөрүүдүйэн барар. Далбар хотуттар ый бүтүүтүттэн оҕуруот аһыттан кэнсиэрбэлээһиннэрэ саҕаланар. Онуоха диэри оҕуруот аһын хайдах көрөбүт-харайабыт?
Сөпкө харайыы, көрүү-истии
Төһө даҕаны үчүгэйдик көрбүппүт-истибиппит, кыһаллан бэрийбиппит иһин, атырдьах ыйыттан оҕуруот аһын сэбирдэҕэ күн-дьыл сабыдыалыгар бэринэн кыралаан саһаран, кууран-хатан, ыарытыйан, үөҥҥэ-көйүүргэ ылларан, аһын быһыыта, амтана уларыйан барар.
Атырдьах ыйыгар төһө да сөрүүн диэтэрбит, күнүс балачча сылыйар, онон үүнээйи аһын биэрэ, ситэ турар. Бу кэмҥэ ууну сөпкө кутуу улахан суолталаах. Өскөтүн сайын ууну таһырдьа буочукаттан кута сылдьыбыт эбит буоллахпытына, билигин сылаас ууну кутуллуохтаах. Оҕуруот куйаас күннэргэ курдук элбэх ууну ирдээбэт, онон сөбүн көрөн кутуллар.
Таһырдьа турар үүнээйилэргэ киэһэ уу кутар сэрэхтээх. Саха сирин сорох улуустарыгар, куорат Бүлүүлүүр суолугар ааспыт нэдиэлэҕэ маҥнайгы хаһыҥнар номнуо биллэн, оҕуруоппутун хаарыйда дэһээччи элбэх. Сүбүөкүлэ, моркуоп, хортуоппуй олус элбэх уулаах буоллаҕына, амтана уларыйар, хайыта барар, уһуннук барбат.
Аны үүнээйи ас биэрэр угун таарыйбакка, саһарбыт сэбирдэхтэрин ылан быраҕар ордук.
Ханнык баҕарар үүнээйини киэһэтин сабан баран, сарсыарда арыйан кэбиһиҥ. Бу сэрэтиллибэтэх хаһыҥтан да харыстыа уонна улаатарыгар көмөлөһүө.
Уоҕурдуу
Уопсайынан, ханнык баҕарар астаах үүнээйини күһүн хомуйан хаһаанабыт, кэнсиэрбэлиибит. Онон уопуттаах оҕуруотчуттар дьыл баччатыгар маҕаһыынтан атыылаһыллар уоҕурдуунан үлүһүйбэт ордук диэн сүбэлииллэр. Атырдьах ыйыгар иккитэ хаста эбии аһатар ирдэнэр диэн сүбэлииллэр. Сорохтор аһыйбыт үүтү ууну кытта булкуйан ыстарабыт дэһэллэр. Норуот ньымаларыттан саамай көдьүүстээх – мас күлэ. Ол эрээри, манна туох даҕаны быласымаас, миэбэл тобоҕо эҥин уматыллыбатах буолуохтаах. Күл элбэх калийдаах уонна микрэлэмиэннэрдээх. Ый саҥатыгар бэлэм атыыланар уоҕурдууну кутан баран, ый ортотугар күлү ууга булкуйан, 1-3 суукка устата туруоран, булгуччу сиидэлээн баран, сэрэнэн ыстарыҥ дииллэр.
Уоҕурдууну букатын туһаммат дьон оҕурсу угун анныгар хортуоппуй, банан хаҕын кутуоххутун сөп. Ол эрээри, бу көдьүүһэ кыра буолуо.
Аны оҕурсу силиһэ тоҥмотун туһугар, хаппыт кураанах оту тэлгэтэ быраҕыахха эмиэ сөп.
Оҕурсу
Түүнүн тымныйан, оҕурсу астаныыта сыыйа бытаарар. Күнүс саамай сылаас кэмҥэ тэпилииссэ аанын сэгэтэ түһэн, салгыны киллэрэн оонньотор ордук. Ыарытыйар, саһарбыт сэбирдэхтэрин быһар ирдэнэр. Тэпилииссэ ханан эмэ хайаҕастаах, салапаан бүрүөһүн тэстибит буоллаҕына, булгуччу абырахтааҥ. Салгын күүлэйдиир, тымныы тэпилииссэҕэ оҕурсу үүммэт.
Атырдьах ыйыгар түүн 5 кыраадыска тиийэ сөрүүдүйэр, хаһыҥныыр. Түүнүн тэпилииссэ тымныы буоллаҕына, оҕурсу тута аһа улаатан бүтэр. Оһоҕо суох тэпилииссэлээхтэр түүн баахха сылаас чоҕу кутан хаппахтаан уураллар, атыттар улахан иһиккэ чүмэчини уматан баран хоннороллор. Сылааһы тутар диэн ааттыыллар.
Биэрэс
Атырдьах ыйыгар саҥа тыллыбыт сибэккилэрин, сэбирдэхтэрин быһар ирдэнэр. Сайын биэрэс дьаналаабатахха да ас биэрэр эбит буоллаҕына, күһүн хайаан даҕаны аһа суох уктарын тонуур наада. Кыра аһын хаалларабыт. Биир укка, ортотунан, 15-25 ас баар буолар. Мантан күһүн бытархай астара ситэллэрин туһугар, улахан биэрэстэри туурталыыбыт. Тэпилииссэ сылаас түгэнигэр, биэрэс балаҕан ыйын ортотугар диэри аһа улаатар.
Ууну эмиэ көрөн, быһа холуйан уонча күҥҥэ биирдэ кутуллар, аһа түргэнник улаатарын инниттэн, фосфорынан уонна араас микроэлэмиэннэринэн баай уоҕурдууларынан аһатыллар. Эбэтэр эмиэ мас күлүн сиидэлээн биэрэс угун тула ыһан кутуохха сөп. Ол үрдүгэр сылаас ууну кутуллар.
Помидор
Помидор оҕурсу курдук улаханнык дьаналаммат, ууну эрэйбэт. Оҕуруо курдук бытархай астаах уктарын эрэ хаалларан баран саҥа тахсыбыт сибэккилэрин быһар, бөдөҥ, төһө да кыратын, иһин саһархайдыҥы, кытараары килэбэчийбит күөх астарын хомуйар ордук. Күһүн помидор олус элбэх астаах буоллаҕына, халлаан тымныйыыта дьайан, бытархай астара сиппэккэ хаалаллар. Ол иһин аһын кэмигэр хомуйан иһэр суолталаах. Күөх помидордары куурда сотон, хараҥа, кураанах сиргэ ууран төһө баҕарар кытардыллар.
Ууну нэдиэлэҕэ биирдэ кутуохха сөп. Халлаан сөрүүдүйэн, аны сайыҥҥы күн курдук сиик тута көппөт.
Моркуоп, сүбүөкүлэ
Бастакытынан, моркуобу, сүбүөкүлэни сырдык буоларын туһугар бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи олортоххо астара лаппа улаатар. Бэс, от ыйдарыгар тэпсиспэтиннэр диэн мөлтөхтөрүн, кыараҕастык олорбуттарын үргээбит эбит буоллахпытына, атырдьах ыйын саҥатыгар, битэмииннэрин, уоҕурдууларын былдьаспаттарын туһугар улааппыт астарын тууран сиибит. Оччоҕо атыттар балаҕан ыйыгар диэри хото үүнэллэр.
Иккиһинэн, ууну сөбүн көрөн кутуҥ. Атырдьах ыйыгар уутун лаппа аҕыйатыҥ.
Үсүһүнэн, ордук сүбүөкүлэ буор үрдүгэр кытаанах бүрүөһүн (корка) үөскүүрүн сөбүлээбэт. Онон ардах кэнниттэн эбэтэр уу кутан баран сарсыныгар кыратык буорун көпсөтөн биэрэр ордук.
Манна даҕатан эттэххэ, хортуоппуйу үгүстэр Ылдьыын күн амсайаллар. Куурусса сымыытын саҕа улааппыт буоллаҕына, хостонуор диэри (балаҕан ыйыгар) биллэ улаатыаҕа. Кини сайын устата күнтэн күүһүн, уоҕурдуутун иҥэринэн баран күһүн халлаан хараҥардаҕына улаатар, хаҕа халыҥыыр. Онон хортуоппуйум бытархай диэн санааҕытын түһэримэҥ, ууну кутуунан үлүһүйүмэҥ. Олус сииккэ үүммүт хортуоппуй өр барбат, сытыйан атын хортуоппуйдары сутуйар.
Балаһаны Людмила Попова бэлэмнээтэ.
СИА хаартыскалара
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: