“Атырдьах ыйыгар — ыраах сиргэ”
26.07.2023, 15:30
Е.Кузьмин хаартысканы ыытта.
Бөлөххө киир:
Амма улууһуттан бааһынай хаһаайыстыбалаах Егор Кузьмин быйыл окко эрдэ киирбитэ эрээри, ардах мэһэйдээн, ыарахаттары көрүстэ. Егор Николаевич Аллараа Бэстээххэ тыраахтарыгар саппаас чаас ыла сылдьан кылгастык маннык кэпсээтэ:
— Былырыын бэс ыйын 15 күнүгэр түспүт буоллаҕына, быйыл субсидиябыт саҥа түстэ. Онон эмиэ кыратык тардылла сырыттыбыт. Билиҥҥи туругунан уопсайа 24 т оту соҕотуопкалаатыбыт. Бүгүн икки буочука сэлээркэ ылыам, ааспыкка ылбыппытын бүтэрдибит. Билигин дэриэбинэттэн 2-3 км тэйиччи оттуубут. Атырдьах ыйыгар ыраах сирбитигэр барыахпыт.
Хаартысканы: Е.Кузьмин ыытта.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: