Салгыы
Атырдьах ыйын 1 күнүттэн омук сириттэн киирэр массыына “утилизационнай хомуура” үрдүөҕэ

Атырдьах ыйын 1 күнүттэн омук сириттэн киирэр массыына “утилизационнай хомуура” үрдүөҕэ

Ааптар:
21.07.2023, 10:07
Егор Карпов
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 1 күнүттэн Арассыыйаҕа омук сириттэн киирэр массыыналарга “утилизационнай хомуур” диэн ааттанар төлөбүрү ылыы бэрээдэгэ уларыйар. Бу эйгэҕэ үлэлиир дьон этэллэринэн, сокуон уларыйыыта ортотунан “иномарка” массыына сыанатын биллэрдик үрдэтиэн сөп.

Дьиҥэр, уларыйыы сүрүннээн улахан мотуордаах (3 л. үөһээ иэннээх мотуордаах) массыыналары таарыйар, итиэннэ атыылаһааччы юридическай сирэй буоллаҕына төлөбүр кэккэ балаһыанньаҕа лаппа үрдүүр. Холобур, 1-3 лиитирэттэн кыра иэннээх мотуордаах массыынаны (холобур Toyota Fielder) “тус бэйэ туһаныытыгар” анаан атыылаһар буоллаххына “утилизационнай хомуур” төлөбүрэ уруккутун курдук 3400 солкуобайынан хаалар. Оттон 3 лиитирэттэн ордук иэннээх мотуордаах массыына (холобур Toyota Landcruiser эбэтэр микроавтобустар) хомуура чааһынай киһиэхэ урут 3400 солк. эбит буоллаҕына, атырдьах ыйыттан 940 000 солк. буолар. Юридическай тэрилтэлэр төлөбүрдэрэ лаппа үрдээбит.

Сокуоҥҥа урут “тус бэйэ туһаныытыгар” диэн өйдөбүл быһаарыллыбатах эбит буоллаҕына, кэлэр ыйтан чопчуланар – биир сыл устата хаһаайынан уларытыа суохтаах, уонна биир киһи сылга биир эрэ массыынаны кыраныысса таһыттан киллэрэр бырааптаах.

Сокуон ымпыга-чымпыга элбэх, ол эрэн ортотунан сыананы ыаратар өттүгэр уларыйыылаах. Японияттан массыынаны тиэйэн харчы киллэринэр урбаанньыттар этэллэринэн, быһа холоон саамай чэпчэки сыаналаах массыыналар 122–300 тыһ. солкуобайынан, оттон күндү сыаналаах “иномаркалар” 1,235 млн. солк. кэриҥэ үрдүөхтэрэ диэн сабаҕалыыллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: