Атырдьах ыйын 2 күнэ: этиҥнээх ардах, тыал уонна +28 кыраадыс
02.08.2025, 06:30

Хаартыска: sakha-sire.ru
Бөлөххө киир:
Бүгүн, атырдьах ыйын 2 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар этиҥнээх ардах түһэрэ, тыалырара, итиэннэ +28 кыраадыс сылыйара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.
Уус Маайаҕа, Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Өймөкөөҥҥө, Томпоҕо, Муомаҕа, Абыйга, Үөһээ Халымаҕа, Мииринэйгэ этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр, сорох сирдэринэн сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Хотугулуу-илин, илин, соҕуруу, хотугулуу-арҕаа быстах ардыыра, сорох сирдэринэн этиҥнээх ардах түһэрэ сабаҕаланар.
Күнүс салгын температурата +23… +28 °С, ардах түстэҕинэ +18… +23 °С, хотугулуу-арҕаа +9… +14 °С буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: