Хаартыска: Василий Прокопьев, Саха сирэ
Саха сиринээҕи УГМС саайта иһитиннэрбитинэн, бүгүн, атырдьах ыйын 3 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, илин, соҕуруу, Өлүөнэ өрүс алын тардыытынан, киин улуустарга сорох сиринэн быстах ардахтыыр, ардыгар этиҥнээх ардахтар түһүөхтэрэ.
Сиккиэр тыаллаах, Арктика кытылыгар сорох сиринэн уонна этиҥнэх ардах кэмигэр силлиэ тыал сөкүүндэҕэ 15-20 м. тиийэ күүһүрэрэ күүтүллэр.
Салгын температурата түүн +9…+14°, хотугулуу-арҕаа +3…+8°, күнүс +23…+28°, соҕуруулуу-арҕаа +30…+32°, хотугулуу-арҕаа, хоту +13…+18° кыраадыс сылаас.
Дьокуускайга уларыйа сылдьар былыттаах, сөҥүүтэ суох, тыал хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 3-8 м. түргэннээх, салгын температурата түүн +12…+14°, күнүс +26…+28° кыраадыс сылаас.
Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…
Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…
Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…
Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…
Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…