Атырдьах ыйын 8 күнэ: этиҥнээх ардах уонна инчэҕэй хаар
08.08.2025, 06:00

Хаартыска: sakha-sire.ru
Бөлөххө киир:
Бүгүн, атырдьах ыйын 8 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар этиҥнээх ардах уонна инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.
Томпоҕо, Өймөкөөҥҥө, күнүс Алдаҥҥа, Нерюнгрига сорох сирдэринэн күүскэ ардыыра, этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр, сөкүүндэҕэ 15-20 мүнүүтэ түргэннээх тыаллаах.
Хотугулуу-илин кыралаан ардыаҕа, хайаларга инчэҕэй хаар түһэрэ сабаҕаланар. Соҕуруу, киин улуустарга, Өймөкөөҥҥө, күнүс Алдаҥҥа, Нерюнгрига сорох сирдэринэн күүскэ ардыыра, этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр.
Күнүс салгын температурата +14+19°, соҕуруулуу-илин +19+24°, хотугулуу-илин +10+15°, хоту +6+11°.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: