Атырдьах ыйын билгэлэрэ
Номнуо атырдьах ыйыгар үктэннибит. Төһө даҕаны халлаан сылааһын иһин, сөтүө тохтоон, халлаан сөрүүкээн барар. Күһүҥҥү кэм барыта 67 күннээх, түөрт кэрдиискэ арахсар.
Бастакы кэрдиис — күһүн саҕаланыыта (29 күн). Атырдьах ыйын 18 күнүттэн балаҕан ыйын 16 күнүгэр диэри.
Иккис кэрдиис – көмүс күһүн (11 күн). Балаҕан ыйын 16 күнүттэн 27 күнүгэр диэри.
Үһүс кэрдиис – курас күһүн (10 күн). Балаҕан ыйын 27 күнүттэн алтынньы 7 күнүгэр диэри.
Төрдүс кэрдиис – кыһын сибикитэ (17 күн). Алтынньы 7 күнүттэн 25 күнүгэр диэри.
Атырдьах ыйын 1 күнүгэр ардаатаҕына – күһүн өксүөн, курааннаатаҕына күһүн кураан буолар.
Атырдьах ыйын 2 күнэ – Ылдьыын. Бурдук буһар, түүнүн хараҥаран барар, кус оҕото көтөр. Куйаас аны түспэт, сөтүөлээһин тохтуур. Былыт тыалы утары устар.
Атырдьах ыйын 10 күнэ – моонньоҕон буһар.
Атырдьах ыйын 14 күнэ – Бастакы Ыспааһап. Ыспааһаптар ардахтара түһэр. Хотуур ортото. Ыҥырыа мүөт таһара уурайар, сиик тымныйар.
Атырдьах ыйын 16 күнүгэр силлиэ түстэҕинэ, кыһына хаардаах буолар.
Атырдьах ыйын 17 күнэ – хараҥаччы барар.
Атырдьах ыйын 18 күнэ – ыспыт бурдук 97 хонугунан буһар, онон бурдук быһыллар кэмэ кэлэр.
Атырдьах ыйын 19 күнэ – Иккис Ыспааһап. Хаһыҥ саҕаланар.
Атырдьах ыйын 21 күнэ – халлаан ыйын эргэтэ кээрэниитэ саҕаланар. Ити күн дьыл хайдах туруктаах да, тохсунньуга эмиэ үкчү оннук буолар.
Атырдьах ыйын 23 күнүгэр халлаан ардаатаҕына – күһүн уһуур, онтон кыһынын дохсун буурҕа түспэт.
Атырдьах ыйын 27 күнүгэр тыаллаах ардах түстэҕинэ – балаҕан ыйа силбиктэнэр.
Атырдьах ыйын 29 күнэ – Үһүс Ыспааһап. От үлэтэ үмүрүйэр. Ый бүтүүтэ оту-маһы орохсутар тыал түһэр. Эһиил үчүгэй дьыл кэлиэх буоллаҕына – от кэнчээрилиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: