Атырдьах ыйын саҕаланыыта бастакы тоҥоруулар түһүөхтэрэ

Атырдьах ыйын саҕаланыыта бастакы тоҥоруулар түһүөхтэрэ

Ааптар:
30.07.2024, 17:30
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр бу нэдиэлэ бүтүөр диэри сөрүүн күннэр туруохтара. Атырдьах ыйын саҕаланыыта бастакы тоҥоруулар түһэллэрэ күүтүллэр диэн Саха сиринээҕи УГМС салайааччытын солбуйааччы — Гидрометкиин начаалынньыга Татьяна Маршалик иһитиннэрдэ диэн СИА суруйар.

«Саха сиригэр күн-дьыл туруга биллэ уларыйда. Бүгүҥҥү күҥҥэ ханна да 30 кыраадыстаах итии суох. Сарсын-өйүүн хотугулуу-илин улуустарга уонна илин эҥээр сорох улуустарыгар кыралаан ардыаҕа. Онтон нэдиэлэ бүтүөр диэри сөҥүүтэ суох, нуорматтан аллараа температуралаах сөрүүн күннэр туруохтара», — диир Татьяна Маршалик.

Киин, арҕаа уонна соҕуруу улуустарга халлаан халыннаҕына, түүн +5… +10 кыраадыс буолара күүтүллэр. Арктика кытылыгар бу нэдиэлэҕэ түүн тымныйыаҕа, оттон күнүс +14… +19 кыраадыстан үрдүө суоҕа.

Атырдьах ыйа сылаас уонна ардахтаах буолуоҕа. «Кэлэр нэдиэлэҕэ салгын сылыйыа, ол эрээри сөрүүн күннэр туруохтара. Түүн бастакы биэс күҥҥэ +9… +14 кыраадыс, сорох сиринэн тоҥоруоҕа, күнүс  +22… +27 кыраадыс буолара күүтүллэр. Атырдьах ыйын иккис аҥаарыгар күнүс +14… +19 кыраадыс буоларын күүтэбит», — диэн Татьяна Маршалик эбэн эттэ.

+1
12
+1
4
+1
7
+1
2
+1
17
+1
7
+1
23
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: