Атырдьах ыйыттан үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ үрдүөҕэ

Арассыыйа Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаата атырдьах ыйын 1 күнүттэн 96 тыһыынча үлэлиир биэнсийэлээххэ страховой биэнсийэлэригэр хаттаан ааҕыыны (перерасчет) оҥоруоҕа диэн салайааччы Марина Герман иһитиннэрдэ. Хаттаан ааҕыыны сайабылыанньата суох оҥоруохтара.

— Атырдьах ыйынааҕы биэнсийэ үрдээһинин кээмэйэ хас биирдии биэнсийэлээххэ туспа кээмэйдээх буолар, ол 2024 сылга үлэни биэрээччи төлөөбүт страховой усунуоһун кээмэйиттэн тутулуктаах. Итини тэҥэ, сокуон быһыытынан, үрдээһин кээмэйэ үс биэнсийэ коэффициеныттан тахсыа суохтаах. Коэффициент сыаната гражданин биэнсийэҕэ сайабылыанньа биэрбит сылыттан тутулуктаах. 2025 сылга биэнсийэ коэффициенын кээмэйэ 145,69 солк. тэҥнэһэр. Ол эбэтэр, үрдээһин 437,07 солкуобайтан тахсыбат.
Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар баар тус кэбиниэтиҥ нөҥүө сайаапка ыытан, төһө коэффициент мунньуллубутун бэрэбиэркэлиэххин сөп, — диэн Марина Герман бэлиэтээтэ.
Биэнсийэни былаан быһыытынан хаттаан ааҕыыны сайабылыанньата суох, пуонда үлэһиттэрэ бэйэлэрэ ааҕаллар, онон биэнсийэлээхтэр ханна да бараллара ирдэммэт.
Бу үрдээһин иитэр-аһатар киһилэрин сүтэрбит дьон биэнсийэлэригэр эмиэ сыһыаннаах.
Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ, социальнай уонна судаарыстыбаннай биэнсийэни ылар дьоҥҥо атырдьах ыйыгар хаттаан ааҕыы көрүллүбэт. Кинилэргэ биэнсийэни хаттаан ааҕыы тохсунньуга оҥоһуллубута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: