Атырдьах ыйыттан үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ үрдүөҕэ

Share

Арассыыйа Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаата атырдьах ыйын 1 күнүттэн 96 тыһыынча үлэлиир биэнсийэлээххэ страховой биэнсийэлэригэр  хаттаан ааҕыыны (перерасчет) оҥоруоҕа диэн  салайааччы Марина Герман иһитиннэрдэ. Хаттаан ааҕыыны сайабылыанньата суох оҥоруохтара.

SakhaGov

— Атырдьах ыйынааҕы биэнсийэ үрдээһинин кээмэйэ хас биирдии биэнсийэлээххэ туспа кээмэйдээх буолар, ол 2024 сылга үлэни биэрээччи төлөөбүт страховой усунуоһун кээмэйиттэн тутулуктаах. Итини тэҥэ, сокуон быһыытынан, үрдээһин кээмэйэ үс биэнсийэ коэффициеныттан тахсыа суохтаах. Коэффициент сыаната гражданин биэнсийэҕэ сайабылыанньа биэрбит сылыттан тутулуктаах. 2025 сылга биэнсийэ коэффициенын кээмэйэ 145,69 солк. тэҥнэһэр. Ол эбэтэр, үрдээһин 437,07 солкуобайтан тахсыбат.

Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар баар тус кэбиниэтиҥ нөҥүө сайаапка ыытан, төһө  коэффициент мунньуллубутун бэрэбиэркэлиэххин сөп, — диэн Марина Герман бэлиэтээтэ.

Биэнсийэни былаан быһыытынан хаттаан ааҕыыны сайабылыанньата суох, пуонда үлэһиттэрэ бэйэлэрэ ааҕаллар, онон биэнсийэлээхтэр ханна да бараллара ирдэммэт.

Бу үрдээһин иитэр-аһатар киһилэрин сүтэрбит дьон биэнсийэлэригэр эмиэ сыһыаннаах.

Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ, социальнай уонна судаарыстыбаннай биэнсийэни ылар дьоҥҥо атырдьах ыйыгар хаттаан ааҕыы көрүллүбэт. Кинилэргэ биэнсийэни хаттаан ааҕыы тохсунньуга  оҥоһуллубута.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Буруйу оҥоруу  9340 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2025 сыл, аҕыс ыйдааҕы түмүгүнэн, буруйу оҥоруу  9340 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ.   14 куораттарга уонна оройуоннарга…

6 минут ago
  • Сонуннар

Саха сиригэр быыбардааччылар «Биир ньыгыл Арассыыйаҕа» итэҕэйэллэрин бигэргэттилэр

Балаҕан ыйын 12-14  күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ  218 быыбардыыр хампаанньа ыытылынна, куоластааһын үрдүк таһымнаахтык уонна туох даҕаны…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Доруобуйа кииннэрэ тугунан дьарыктаналларый?

Дьокуускайга уонна 8 улууска - Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Намҥа, Нерюнгригэ, Сунтаарга, Томпоҕо улахан…

36 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Устудьуоннарга 25% чэпчэтии

Саха тыйаатыра  саҥа сезонугар эдэр ыччакка чэпчэтиини олохтоото. Ол курдук устудьуоннар 25%  чэпчэтиинэн туһанар буолуохтара.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

2843 киһи сонотуоруйга-куруорка барар айана төлөммүт

Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата быйыл 2843 киһи сонотуоруйга-куруорка барарыгар айаннарын ороскуотун төлөөтө.    2025…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сиригэр ОРВИ-нан ыалдьыы элбээтэ

Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн, Саха сиригэр  8,8 тыһыынча киһи тымныйбыта, тумуулаабыта (ОРВИ) бэлиэтэммит. Бу ол…

2 часа ago