Атыыр куһу хаһан бултуубут?

Share

Сандал сааспыт бу тиийэн кэллэ. Онон, кусчуттар булт маҕаһыыннарын саппат буоллулар. Үгүс кусчуттары тыыннаах угуйар тыһы куһу туһанан (подсадной)  атыыр куһу бултааһын болдьоҕо интэриэһиргэтэр.

СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин булт уонна ураты харыстанар сирдэр департаменын сүрүн исписэлииһэ Анатолий Попов быһаарбытынан, бу СӨ Ил Дарханын 2021 с. муус устар 1 күнүнээҕи “Об определении видов разрешенной охоты и сроков осуществления охоты в охотничьих угодьях РС(Я) (с изменениями и дополнениями” 1786 №-дээх Ыйааҕын 2-с сыһыарыытыгар 2023 сыл бэс ыйын 22 күнүнээҕи 2916 №-дээх Ыйааҕар олоҕуран киирбит уларытыы буолар. Ол курдук, бары улуустарга (оройуоннарга) атыыр куһу бултуурга  иитиэх (подсадной) куһу туһанан бултааһын муус устар 25 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри көҥүллэнэр диэн ыйаахха суруллубут.  Инньэ гынан  бултуур болдьох уһаан биэрбит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

15 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

2 часа ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

2 часа ago