Аудиовизуальнай киин үлэһиттэрэ туора турбаттар

Share

Нам улууһугар буолбут быйылгы халаан уута биир өттүнэн улахан эрэйи да аҕаллар, иккис өттүнэн дьону-сэргэни түмэр, сомоҕолуур күүһүнэн буолла. Билигин халааҥҥа ылларбыт улуустарга көмө тохтоло суох оҥоһулла турар.

Ыам ыйын 24 күнүгэр Саха сирин норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэлэрин национальнай киинин үлэһиттэрэ Нам улууһун Граф биэрэгэ нэһилиэккэ көмөлөһө тиийдилэр. Үлэ бэтэрээнин дьиэтигэр тиийэн, олбуоругар халаан уута куппут бөҕүн ыраастаатылар, саһаан маһын оннугар туруордулар, о.д.а. үлэлэри оҥордулар. Дьиэни куурдарга бэлэмнээн, улахан малы-салы, миэбэли таһырдьа таһаардылар.

Хаартыска: социальнай ситимнэртэн
Хаартыска: социальнай ситимнэртэн
Хаартыска: социальнай ситимнэртэн

Маны таһынан Аудиовизуальнай киин шефтэһэр тэрилтэтэ — Дьокуускайдааҕы П.И. Дудкин аатынан сибээс уонна информационнай технологиялар колледжтарын устудьуоннара эмиэ туора турбакка, гуманитарнай көмөнү куруустуурга уонна тарҕатарга көмөлөһөллөр.

“Халааҥҥа түбэспит Нам улууһун дьонугар көмөлөһөр туһунан этии киирээтин кытта харчы хомуйбуппут, оттон бэйэлэригэр тахсан көмөлөстүбүт. Үтүө санаалаах дьон көмөтүнэн  халаантан эмсэҕэлээбит дьон урукку олохторо төннүө диэн эрэнэбит”, — диир Аудиовизуальнай киин дириэктэрэ Степан Москвитин.

Аудиовизуальнай киин үлэһиттэрэ Анастасия Петрова уонна Марина Винокурова Хатырык нэһилиэгэр олорор киинэ бэтэрээннэригэр Т.Д. Павловаҕа, А.А. Ноговицынаҕа, Х.Е. Поповаҕа тэрилтэлэрин аатыттан аһы-үөлү, наадалаах малы-салы тиэртилэр.

СӨ кинематографиятын бэтэрээннэрин ааттарыттан Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Полина Николаевна Лепчикова халаантан эмсэҕэлээбит киинэ бэтэрээннэригэр 25600 солкуобайдаах аадырыстаах көмөнү, эмиэ итинник 13800 солк. материальнай көмөнү спонсор Антонина Саввична Алексеева оҥордулар. Нам улууһун Киинэ бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Вера Дмитриевна Попова көмөлөрүн иһин барҕа махталын тириэрдэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Моҕой сыла, мичик гын!

Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

13 часов ago