Августина Филиппова «Полярная звезда» уордьанынан наҕараадаланна
Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 1 күнүгэр, аатырбыт модельер-худуоһунньук, стилист Августина Филиппова үбүлүөйүн бэлиэтээбитэ.
Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан, өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин уонна Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын култуураларын чөлүгэр түһэриигэ уонна сайыннарыыга, аныгы прикладной ускуустубаҕа киллэрбит кылаатын, үрдүк үөрэхтээһин эйгэтигэр өҥөтүн иһин Августина Филиппованы «Полярная звезда» уордьанынан наҕараадалаата.
«Бу Саха сирин элбэх омуктаах норуотун билиниитин уонна тапталын бэлиэтэ. Августина Филиппова айбыт хас биирдии үлэтэ – ускуустуба сүдү айымньытынан буолар», – диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Худуоһунньук-модельер, стилист, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Дизайн аныгы технологиятын уонна декоративнай-прикладной ускуустубатын үөрэтэр-айар лабораториятын сэбиэдиссэйэ, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Горнай улууһун уонна Амма улууһун Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо Августина Филиппова бэҕэһээ 75 сааһын бэлиэтээбитэ.
Кини айымньылара ураты тыыннаахтар, көстүүмнэрэ хатыламмат кэрэлэр. Августина Николаевна «Удаҕан», «Маҥан кыталык», «Туос оҕото», «Улар», «Хотугу принцесса», «Туйаарыма» моделлара, «Эллэйаада», «Саха сирин номохторо», «Саха сирин алмаастара» коллекциялара аан дойду муодатын төрүттээччилэри кытары сөхтөрөр.
Кини төрөөбүт Сахатын сирин айылҕатын күүһэ-күдэҕэ «Олоҥхо стиллээх фэнтэзи» коллекциятыгар ойууламмыт. Оттон «Айыы Куо», «Туйаарыма Куо», «Чысхаан», «Чолбон», «Кыыс Амма» моделлара ураты алыптыыр күүстээхтэр. Августина Николаевна бэйэтин моделларын нөҥүө төрүт былыргы Олоҥхо дойдутун кэрэтин дьоҥҥо тириэрдэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: