Салгыы
Августина Попова: «Төрөөбүт тылбар өйүм-санаам сааһыланар кэмигэр эрэ эргилинним…»

Августина Попова: «Төрөөбүт тылбар өйүм-санаам сааһыланар кэмигэр эрэ эргилинним…»

30.09.2022, 20:15
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 1-2 күннэригэр Сунтаарга саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов аатынан “Сунтаар миигин ыҥырар-2022” улуустааҕы “Ньургуһун” түмсүү 50 сылыгар аналлаах VI ырыа-хоһоон түһүлгэтэ тэриллибитэ.

Литература киэҥ түһүлгэтигэр ырыа-хоһоон эрэ буолбакка, үгүс туһалаах кэпсэтиилэр, дьүүллэһииилэр, санаа атастаһыылар буолбуттара тэрээһин суолтатын, таһымын өссө үрдэппитэ. Холобур, Саха сирин суруйааччыларын кытары көрсүһүүгэ кэлбит дьон санааларын сайа эппиттэрэ, олус туһалаах этиилэри киллэрбиттэрэ. Санаа атастаспыт дьонтон улуус биир ыраах нэһилиэгиттэн Дьаархантан сылдьар нуучча тылын учуутала Августина Попова этиитэ эмиэ да сүргэбитин көтөхпүтэ, эмиэ да мунчаардан толкуйга түһэрбитэ.

Августина Николаевна билиҥҥи кэмҥэ сахалыы саҥарбат, кэпсэппэт ыччаттар тахсан эрэллэриттэн дьиксинэн туран, оҕо саха тылын ылынара, этигэр-хааныгар иҥэринэрэ  учууталтан улахан тутулуктааҕын тоһоҕолоон эппитэ.  Онон, кини эһиил  Учуутал сыла биллэриллээри турарынан,  чуолаан саха тылын учууталларыгар кэпсээн эбэтэр хоһоон улахан күрэҕин ыытарга этии киллэрбитэ. Итинэн кини оҕолор ортолоругар үөскээбит балаһыанньаны көннөрүү саха тылын учууталыттан тутулуктааҕын өссө төгүл санаппыта.

Тэрээһиннэр кэмнэригэр  Августина Николаевналыын бүөмнээн олорон кэпсэтиибитин  сотору Учууталлар сийиэстэрэ ыытыллаары турарынан уонна Учуутал сыла  үүнэрин көрсө билиһиннэрэр тоҕоостоох кэмэ кэллэ. Сэһэргэһээччим  этэр санаата, кэпсиир кэпсээнэ барыта бэйэтин тус холобуруттан ылыллыбыт буолан,  ордук итэҕэтиилээх уонна элбэх саха тыллаах киһини толкуйдатар аналлаах.

Оҕолорум сахалыы саҥарбаттара кэһэлтэ буолла

-Мин Дьаархан оскуолатыгар нуучча тылын  учууталынан үһүс сылбын үлэлиибин.

Төрөөбүт төрүт тылбытыгар киһи өйө-санаата сааһыланар кэмигэр эргиллэн кэлэр эбит.  Холобур, мин,   60-ча саастаах киһи, бэйэм норуотун тылын билиэхтээхпин диэн 40-ча сааспар эрэ тиийэн баран билиммитим. Ол иннинэ,  оскуолаҕа үөрэнэр сылларбытыгар саха тылыгар үчүгэй сыһыан суох этэ диэн кистээбэккэ этиэххэ наада. Сахалыы үөрэммитим эрээри, нууччалыы кэпсэтэр уонна ааҕар этим.  Дьиэ  кэргэммитигэр,   Сунтаар оскуолатыгар эмиэ нууччалыы ааҕарбыт. Инньэ гынан,  оскуоланы бүтэрэн баран,  нуучча тылын учууталынан үлэлээбитим 40-ча сыл буолла.

Кэнники кэмҥэ оҕолор аҥардастыы нуучча тылыгар охтон эрэллэр. Оннооҕор саха  тылынан саҥарар  дьиэ кэргэҥҥэ нууччалыы эрэ саҥарар, быһаарсар  оҕолор баар буолбуттар, ону  Дьаархаммар кытта өйдөөн көрөбүн. Итинник баран истэхпитинэ уонна  саха литературатын, сахалыы айымньылары, саха тылын үчүгэйдик билбэт буоллахпытына, мин санаабар, тылбыт күөмчүлэнэр.  Ол иһин, учуутал быһыытынан  нуучча тылын саха тылын  кытары тэҥҥэ тута сатыыбын. Оҕолорбор эмиэ итинник санааны иитэргэ кыһаллабын. Туох кистэлэ кэлиэй, бэйэм оҕолорум эмиэ нууччалыы быһаарсаллар. Кыра уолум сахалыы саҥарбат даҕаны, оскуоланы бүтэрбитэ иккис сыла, инньэ гынан миэхэ ити кэһэлтэ буолла.

            “Алтан сэргэм» – остуолум кинигэтэ”

-Онон, бэйэм сыһыаммын эмиэ уларытан,  билиҥҥи  сиппит санаабынан  бастаан классиктарбытын, ол иһигэр “Сааскы кэми”, “Төлкөнү”  аахпытым, онтон кыра кэпсээннэри ааҕар буолбутум. Ордук  сөбүлээн ааҕар бэйиэтим – Наталья Михалева-Сайа. “Алтан сэргэм” кинигэтэ миэхэ – остуолум кинигэтэ. Сайыны супту төннөн кэлэ-кэлэ аахтым, хас биирдии санаата новелла курдук. Ити санаабын хайдах эрэ оҕолорбор тириэрдибит киһи диэн ыра санаалаахпын. Аҥаардас “Түннүккэ ытыс суола” диэн хоһоонун ааҕан баран,  киһи кэпсээн гынан көрөр, тылын баайа, эгэлгэтэ, санаата киэҥэ, Сахатын сирин туһунан  наһаа дириҥ өйдөбүлү биэрэр. Туох  баар саныыр санаам кини хоһоонноруттан саҕыллар диэхпин сөп.

Дууһам кылын таарыйбыт худуоһунньугум

-Билигин саха худуоһунньуктарын үлэлэрин уонна кинилэр олохторун интэриэһиргиибин. Кинилэр тустарынан суруйуулары сырса сылдьан ааҕабын, түмэллэргэ сылдьан хартыыналарын сиһилии көрө-ырыта сатыыбын.  Интэриниэккэ, сурунаалларга худуоһунньуктар тустарынан араас ыстатыйалары булан ааҕабын. Миигин саха быһыытынан  уһүугуннарбыт худуоһунньугунан биир дойдулаахпын Андрей Чикачевы ааттыыбын. Дууһам  кылын кини таарыйбыта диэххэ сөп. Кини  хартыыналарыттан саҕыллан, уус-уран айымньыларым тахсыбыттара диэтэхпинэ, сымыйа буолбата буолуо.

Сунтаар политехническай лиссиэйигэр өр кэмҥэ үлэлээбитим. Онно ааҕар, элбэҕи  интэриэһиргиир, билиэн-көрүөн баҕалаах оҕолор үөрэнэллэр. Кинилэргэ  саха тылын  кэрэтин-кэрэмэһин сыһыара сатыыр этим, араас дакылааттары суруйаллара. Холобур, “Хомус уобараһа —  Сунтаар поэтессаларын хоһоонноругар”  диэн уонна  Чикачев хартыыналарынан дакылаат суруйтарбытым. Билигин итинтэн кыратык тэйэммин, “культурнай код” диэҥҥэ киириэхпин баҕара сылдьабын. Өссө төгүл хатылаан эттэххэ,  оҕоҕо төрөөбүт төрүт тылга тапталы учууталыҥ эрэ биэрэр. Мин саамай хомойорум диэн,  миэхэ бириэмэтигэр ити тапталы биэрбэтэхтэр, ол миэхэ наһаа улахан охсууну аҕалла диэхпин сөп. Оччолорго  ханнык айымньылары аахпыппын да  билбэппин. Арай, биир кэмҥэ биир хоһоону наһаа өр үөрэппиппин өйдүүбүн.

Бу санааларым бары түмүллэн, миигин, саха киһитин, үүйэ-хаайа тутаннар, сахалыы кэпсээн суруйарга холонобун. Онно, биллэн турар, тылым баайа тиийбэт. Ол иһин,  эбэһээт саха тылдьытын, сомоҕо номох кыра кинигэтин тутан олоробун. Айылҕа кэрэтин сатаан хоһуйбаппын. Ханна эрэ истибиппин эргитэммин айан таһаара сатыыбын, олох философиятын туһунан толкуйдар киирэллэр.

Биһиги Дьаархаммытыгар хоһоон суруйарга холонор уонна суруйар дьон элбэхтэр эрээри, биллэ-көстө сатаабаттар. Сэттис кылааһым оҕолорунуун Дьаархантан тахсыбыт суруйар дьон айымньыларын ааҕан,  “Дьаархан айар ыллыктара” диэн бырайыак тэрийэн үлэлээбиппит.  Үөрэрим диэн, үөрэнээччилэрим төрөппүттэрэ манна наһаа үчүгэйдик кытыннылар. Оҕолор интэриэһиргииллэр уонна төрөппүттэрин атын хараҕынан көрөллөр, киэн тутталлар.

Киһиэхэ ардыгар духуобунай эйгэтэ тиийбэт буолан муунтуйаҕын. Дьэ, ол тиийбэтин мин бүгүн “Ньургуһун” түмсүү 50 сыллаах тэрээһиниттэн ылан олус диэн үөрэн, дууһалыын чэпчээн сылдьабын. Икки күнү быһа истибит хоһооннорбуттан, бэҕэһээҕи истиҥ да истиҥ кэнсиэртэн кынаттанан баран эрэбин. Бэйэм холонуу быһыытынан, икки  кэпсээмминэн куонкуруска кыттыбытым. Куонкурус түмүгүн кылааһым оҕолоро, төрөппүттэр кэтэһэн олороллоруттан икки бүк долгуйабын…

х х х

Бу кэпсэтии кэнниттэн иккиэн улахан саалаҕа түмүк тэрээһиҥҥэ киирбиппит. Үөрүүлээх уонна долгутуулаах түгэн күүттэрбэккэ кэлбитэ. “Ньургуһун хоһуйар түһүлгэтэ” күрэххэ нуучча тылын учуутала Августина Попова  кыайбытын туһунан дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ дорҕоонноохтук иһитиннэрбиттэрэ.  Кыайыылаах Августина Попова “Дани-Алмаас” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэригэр 50 тыһыынча суумалаах сэртипикээтинэн наҕараадаламмыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: