Авиабилиэти сыыһа толорбут буоллахтарына, ыстарааптыахха наада дииллэр
Сокуон бырайыактарынан дьарыктанар РФ Бырабыыталыстыбатын хамыыһыйата авиабилиэти сыыһа толоруу иһин накаастабылы киллэриэххэ диэн бырайыактары көрдө.
Холобур, билиэти атыылыыр киһи электроннай систиэмэҕэ сыыһа дааннайдары киллэрэн кэбистэҕинэ, пассажир эрэйи көрөрүгэр тиийэр диэн «Российская газета» саайт иһитиннэрэр.
Арассыыйа юристарын Ассоциациятын Бырабылыанньатын Бэрэссэдээтэлэ Владимир Груздев этэринэн, бу сокуон бырайыактара авиапассажир быраабын көмүскүүллэр, маны тэҥэ КоАП-ка көннөрүүлэр киириэхтэрэ, билиэккэ сыһыаннаах ирдэбили кэстэхтэринэ административнай эппиэтинэс олохтонорун курдук:
Систиэмэҕэ сыыһа информацияны юридическай сирэй киллэрбит буоллаҕына, бастакы сырыытын иһин ыстарааба 100 тыһ.-200 тыһ. солк. халбаҥныа. Оттон хаттаан кэһэр түгэнигэр 300 тыһ.-400 тыһ. солк.
Груздев пассажирдартан наһаа элбэх үҥсүү киирэринэн маннык миэрэ ылыллан эрэрин чуолкайдаата, ол курдук сөмөлүөт көтөр бириэмэтин туһунан сыыһа информацияны биэрэллэр, авиабилиэттэри сыыһа толороллор, ол түмүгэр пассажир кыһалҕа көрсөр, харчытын, бириэмэтин сүтэрэр.
“Аҥардас Ространснадзор киин аппараатыгар сыл аайы 700-чэкэ араас үҥсүү киирэр”, — диэтэ кини.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: