Авиабилиэти сыыһа толорбут буоллахтарына, ыстарааптыахха наада дииллэр

Share

Сокуон бырайыактарынан дьарыктанар РФ Бырабыыталыстыбатын хамыыһыйата авиабилиэти сыыһа толоруу иһин накаастабылы киллэриэххэ диэн бырайыактары көрдө.

Холобур, билиэти атыылыыр киһи электроннай систиэмэҕэ сыыһа дааннайдары киллэрэн кэбистэҕинэ, пассажир эрэйи көрөрүгэр тиийэр диэн «Российская газета» саайт иһитиннэрэр.

Арассыыйа юристарын Ассоциациятын Бырабылыанньатын Бэрэссэдээтэлэ Владимир Груздев этэринэн, бу сокуон бырайыактара авиапассажир быраабын көмүскүүллэр, маны тэҥэ КоАП-ка көннөрүүлэр киириэхтэрэ, билиэккэ сыһыаннаах ирдэбили кэстэхтэринэ административнай эппиэтинэс олохтонорун  курдук:

Систиэмэҕэ сыыһа информацияны юридическай сирэй киллэрбит буоллаҕына, бастакы сырыытын иһин ыстарааба 100 тыһ.-200 тыһ. солк. халбаҥныа. Оттон хаттаан кэһэр түгэнигэр 300 тыһ.-400 тыһ. солк.

Груздев пассажирдартан наһаа элбэх үҥсүү киирэринэн маннык миэрэ ылыллан эрэрин чуолкайдаата, ол курдук сөмөлүөт көтөр бириэмэтин туһунан сыыһа информацияны биэрэллэр, авиабилиэттэри сыыһа толороллор, ол түмүгэр пассажир кыһалҕа көрсөр, харчытын, бириэмэтин сүтэрэр.

“Аҥардас Ространснадзор киин аппараатыгар сыл аайы 700-чэкэ араас үҥсүү киирэр”, — диэтэ кини.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокуускайга бастакы тифло-бэстибээл ыытылынна

Дойду үрдүнэн харахтарынан көрбөт дьоҥҥо туһуламмыт «Үрүҥ торуоска» аахсыйа сылын ахсын алтынньы ый 15 күнүттэн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үгэскэ кубулуйда

Быйыл үгэс быһыытынан "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ  бэрт  кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлэхтиэҕэ. Ол…

4 часа ago
  • Сонуннар

Урбаанньыт дьахталлар сонун сүүрээннэри торумнаатылар

Бу күннэргэ Дьокуускайга урбаанньыт дьахталлар “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” бырайыак олоххо киириитин 10 сыллаах үбүлүөйүн…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ бүлүүлэр байыастарга баһыылка ыыттылар

Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо байыастарга анаан баһыылкалары бэлэмнээн, икки массыынанан Дьокуускайга ыыттылар. Бу туһунан улуус…

5 часов ago
  • Сонуннар

Таатта улууһун баһылыктарын сэбиэтэ сүбэ мунньаҕы ыытта

Бу күннэргэ баһылыктар сэбиэттэрин уочараттаах мунньаҕар Таатта улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөхүмэҕэ ойуур кыылларын аһаталлар

Кыһыҥҥы кэмҥэ кыыл-сүөл ордук эбии аһылыкка наадыйар. Эбии аһылыгы, тууһу уонна сэбирдэхтээх талахтары дьиикэй кыыллар…

5 часов ago