Авиахампаанньалар оҕолорго чэпчэтиини оҥорон саҕалаатылар
“Аэрофлот”, “Уральские авиалинии” авиахампаанньалар тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйа иһинэн көтүүгэ оҕолорго, иккилэриттэн уон икки саастарыгар диэри, билиэт сыанатын 50 бырыһыан түһэриэхтэрэ. Авиахампаанньалар чэпчэтиллибит билиэттэри бу күннэртэн саҕалаан атыыга таһаардылар.
Санатан эттэххэ, Владимир Путин ахсынньы 19 күнүгэр ыыппыт сылы түмүктүүр быһа биэриитигэр элбэх оҕолоох ыалларга көтөр аал билиэтин сыаната чэпчэтиллибитинэн син-биир ыараханын туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Манна хоруйдаан Владимир Путин бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрбитэ.
— Сокуоҥҥа элбэх оҕолоох ыалга көтөр аал билиэтиттэн 50 бырыһыан чэпчэтэргэ диэн сурулла сылдьар. Ол эрээри билигин авиахампаанньалар бэйэбит чэпчэтии оҥордубут диэн ааттаан билиэт сыанатыттан кып-кыраны эрэ түһэрэллэр. Маннык салгыы барара сатаммат, онон бырабыыталыстыба кылгас кэм иһигэр бу боппуруоһунан дьарыктаныҥ, — диэн иһитиннэрбитэ Владимир Владимирович.
Бу күннэргэ “Аэрофлот”, “Россия”, “Уральские авиалинии” хампаанньалар оҕолорго 50 % чэпчэтиллибит билиэти атыыга таһаардылар. Бу билиэттэри Арассыыйа хайа баҕарар хайысхатынан, тохсунньуттан саҕалаан туһаныахха сөп. Субсидиялаах, анал чэпчэтиилээх билиэттэр оннуларынан хааллылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: