«Аврора» эрэстэрээн — «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл кыайыылааҕа!
«Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл түмүгэ таҕыста.
“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллыбыт 10-с үбүлүөйдээх «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл ГРАН-ПРИ кыайыылааҕынан «АВРОРА» эрэстэрээн-комплекса буолла.
СӨ Атыы-эргиэн, промышленнай палататын “Бастыҥ өҥөнү оҥоруу уонна сервис иһин” анал бирииһин «Аврора» рестораҥҥа туттарда.
Бу эрэстэрээн шеф-пуобарыгар Виктория Андрееваҕа сонун ураты бүлүүдэни толкуйдаан таһаарбытын иһин анал бирииһин «Табачно- кофейный дом» ХЭУо туттарда.
Быйыл куонкуруска кыттыбыт эрэстэрээннэр анал номинацияларга тигистилэр. Ол курдук, Национальнай бүлүүдэни бэлэмнээһин технологиятыгар уонна Саха сирин норуоттарын куукуналарын үгэстэрин сайыннарыыга “Бүлүүдэни амсатыы бастыҥ биһирэмэ” (“За лучшую презентацию дегустационного сета”) номинацияҕа CHUKCHA (“Чукча”) бар-эрэстэрэээн тигистэ.
Бу номинацияҕа фри-фло Кантри эрэстэрээн эмиэ бэлиэтэннэ.
Национальнай үгэстэри тутуһуу номинациятыгар«Орто дойду» эрэстэрээн бэлиэтэннэ.
Олохтоох аһы-үөлү туттан араас бүлүүдэ ырысыабын толкуйдааһын номинацияҕа «Зеленый город» эрэстэрээн тигистэ.
Бу эрэстэрээн шеф-пуобара Дмитрий Ким туспа наҕарааданы — «Кабаре» маҕаһыынтан анал тэрил сэртипикээтин тутта.
Бүлүүдэлэрин аныгылыы уратытык толкуйдаан оҥорууга «Кабинет» эрэстэрээн чорбойдо.
“За профессионализм” анал бириис «Кантри стейк» эрэстэрээн шеф-пуобарыгар Денис Ильюшиҥҥа тигистэ.
Киниэхэ «Новые Люди» баартыйаттан «PALAZZO DUCALE» эрэстэрээҥҥэ (Москва к.) стажировкаҕа барар бирииһи туттардылар.
Ити курдук, быйыл 10-с үбүлүөйдээх «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээлгэ кыттыбыт саҥа эрэстэрээннэр бэйэлэрин ааттарын дорҕоонноохтук ааттаттылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: