«Аврора» эрэстэрээн — «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл кыайыылааҕа!

Share

«Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл түмүгэ таҕыста. 

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллыбыт 10-с үбүлүөйдээх «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл ГРАН-ПРИ кыайыылааҕынан «АВРОРА» эрэстэрээн-комплекса буолла.

СӨ Атыы-эргиэн, промышленнай палататын “Бастыҥ өҥөнү оҥоруу уонна сервис иһин” анал бирииһин «Аврора» рестораҥҥа туттарда.

Бу эрэстэрээн шеф-пуобарыгар Виктория Андрееваҕа сонун ураты бүлүүдэни толкуйдаан таһаарбытын иһин анал бирииһин «Табачно- кофейный дом» ХЭУо туттарда.

Быйыл куонкуруска кыттыбыт эрэстэрээннэр анал номинацияларга тигистилэр. Ол курдук, Национальнай бүлүүдэни бэлэмнээһин технологиятыгар уонна Саха сирин норуоттарын куукуналарын үгэстэрин сайыннарыыга “Бүлүүдэни амсатыы бастыҥ  биһирэмэ” (“За лучшую презентацию дегустационного сета”) номинацияҕа CHUKCHA (“Чукча”) бар-эрэстэрэээн тигистэ.

Бу номинацияҕа фри-фло Кантри эрэстэрээн эмиэ бэлиэтэннэ.

Национальнай үгэстэри тутуһуу номинациятыгар«Орто дойду» эрэстэрээн бэлиэтэннэ.

Олохтоох аһы-үөлү туттан араас бүлүүдэ ырысыабын толкуйдааһын номинацияҕа «Зеленый город» эрэстэрээн тигистэ.

Бу эрэстэрээн шеф-пуобара Дмитрий Ким туспа наҕарааданы — «Кабаре» маҕаһыынтан анал тэрил сэртипикээтин тутта.

Бүлүүдэлэрин аныгылыы уратытык толкуйдаан оҥорууга «Кабинет» эрэстэрээн чорбойдо.

“За профессионализм” анал бириис «Кантри стейк» эрэстэрээн шеф-пуобарыгар Денис Ильюшиҥҥа тигистэ.

Киниэхэ «Новые Люди» баартыйаттан «PALAZZO DUCALE» эрэстэрээҥҥэ  (Москва к.) стажировкаҕа  барар бирииһи туттардылар.

Ити курдук, быйыл 10-с үбүлүөйдээх «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээлгэ кыттыбыт саҥа эрэстэрээннэр бэйэлэрин ааттарын дорҕоонноохтук ааттаттылар. 

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

7 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

7 часов ago