«Аврора» эрэстэрээн убаһа этиттэн сонун бүлүүдэни билиһиннэрдэ

«Аврора» эрэстэрээн убаһа этиттэн сонун бүлүүдэни билиһиннэрдэ

28.11.2023, 20:42
Хаартыска уонна видео -- Елена Потоцкая
Бөлөххө киир:

“Саха сирин амтана” 10-с үбүлүөйдээх бэстибээли бастакынан “Аврора” эрэстэрээн аста.

Уопсайа быйылгы гастрономическай бэстибээлгэ 12 киин куорат эрэстээнэ кыттар. Ааттаах-суоллаах “Атласовтар уһаайбалара”, “Крыша”, «Орто дойду»,  “Аврора” курдук эрэстэрээннэри кытта тэҥҥэ саҥа тахсан эрэр “Чукча”,  “Зеленый город”, “Кабинет” эрэстэрээннэр күөн көрсүөхтэрэ. Эһиилгиттэн ыла аны кинилэргэ дьон сөбүлээн сылдьар буолуоҕа. Ол курдук, кэлиҥҥи сылларга “Саха сирин амтана” бэстибээл эрэстэрээннэри үрдүк таһымҥа таһаартыыр буолла.

Биллэн турар, киин сиргэ турар буолан, ону тэҥэ аатын тылбааһа да этэринии, кырдьык да, “сарсыардааҥҥы саһарҕа” курдук  сырдыгы, ырааһы кэрэһэлиир тыыннаах “Аврора” эрэстэрээҥҥэ Саха сиригэр аан бастаан кэлбит үгүс ыалдьыт сылдьар. Онон өрөспүүбүкэбитин сирэйдиир эрэстэрээн киирэн аантан улуу Арассыыйаны Саха сирин кытта сибээстиир каартаттан саҕаланар. Онтон салгыы – остуоруйа дойдута. Эрэстэрээни бас билээччи Иннокентий уонна Ньургустана Лукиннар быйыл эрэстэрээннэрин Арассыыйалыы тыыннаан биэрбиттэрин туһунан кэпсээтилэр. Билигин ханна да тиий – сүрүннээн кэриэй, кытай, дьоппуон, итальянскай уо.д.а. куукуна аһа. Арассыыйа норуоттарын куукунатын туһунан киһи этэ да барбат. Онон “Аврора” бу боппуруоска улахан болҕомтотун уурар соруктаах.

Кэлиҥҥи сылларга саха куукунатын тарҕатыыга улахан болҕомто ууруллар буолла. Саламаат, “Индигирка” салаат, таба уонна убаһа этиттэн, балык арааһыттан бүлүүдэ хас эрэстэрээн аайы баар. Шеф-пуобардар сүрүн соруктара – бу олохтоох астан киһини соһутар минньигэс аһы астааһын. “Аврора” эрэстэрээн дьүүллүүр сүбэҕэ 14 араас бүлүүдэни билиһиннэрдэ.

Биллэн турар,  дьүүллүүр сүбэ иннигэр шеф-пуобар Виктория Андреева билиһиннэрбит «Убаһа этиттэн карпаччо» диэн бүлүүдэтэ барыбытын соһутта.

Убаһа этин синньигэс гына быһан баран, уотунан саба ситэн, кыл түгэнигэр буһаран ылыы — сонун көстүү.

Бу бүлүүдэҕэ кыһыл отону эбэн биэрбиттэрэ, ураты минньигэс амтаннаах буолла. Виктория Андреева бу бүлүүдэтэ бэстиибээлгэ, саарбаҕа суох, кини сулустаах чааһынан буолара чахчы.

Чараас тиэстэҕэ сууламмыт өр буспут, ыһаарыламмыт убаһа эттээх «кэмпиэт» — «Аврора» эрэстэрээн «визитнэй карточката» буолла. Манна эрэ бу бүлүүдэни амсайыахха сөп. Онон бу «Убаһа эттээх конфи» аһы хайаан да сакаастаан амсайыҥ.

Чыыртан оҥоһуллубут «Индигирка» салаакка итии уу кутан буруолаттылар, кураанах мууска ууран биэрдилэр. Амтана — оһуобай!

Балык  миинин «Аврораҕа» эмиэ уратытык астыыллар эбит. Ол курдук, мас иһиккэ балык этэ, кыра төгүрүк хортуоппуй, күөх тума уурбуттар. Ол үрдүгэр балык миинин куттулар. Бэртээхэй минньигэс миин эбит, доҕоттор!

Бүлүүдэ арааһын амсайан кэлбит дьүүллүүр сүбэ бас-көс дьоно — СӨ ресторатордарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Татьяна Тымырова уонна «Атласовтар уһаайбалара» этно-эрэстэрээн бренд-пуобара  Николай Атласов «Аврора» сонун бүлүүдэлэригэр соһуйа да, астына да сыана быстылар.

… Ити курдук «Аврора» эрэстэрээн иллээх айар кэлэктиибэ бэрт сонун бүлүүдэлэри билиһиннэрэн, саха аһыттан бэрт кэрэхсэбиллээх  арыйыылары оҥордо.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: