Автономия үөскээһинин тыыннаах туоһутунан буолбута

Share

М.Н. Тимофеев-Терешкин төрөөбүтэ 140 сылыгар

 Мин өбүгэлэрим Сунтаар улууһа, Саха сирэ, саха норуота сайдарын, олоҕо тупсарын туһугар үлэни өрө тутан таһаарыылаахтык, суобастаахтык, чиэһинэйдик үлэлээбиттэрэ. Онон кинилэр Сунтаар улууһун, Саха сирин устуоруйатыгар бигэтик киирбиттэрэ.

Саха сирин биир биллии­лээх суруйааччыта, уопсастыбаннай, судаарыстыбаннай диэйэтэлэ Михаил Николаевич Тимофеев-Терешкин 1883 сыллаахха ахсынньы 5 күнүгэр Бүлүү уокуругар, Сунтаар улууһун 2-с Нөөрүктээйи нэһилиэгэр улуус кулубата Николай Иванович уонна Акулина Яковлевна Тимофеевтарга күүтүүлээх 2 оҕонон төрөөбүтэ. Сунтаар улууһун Элгээйитин 1 кылаастаах церковнай-приходской оскуолатын 1896 с., салгыы Дьокуускай куорат духовнай училищетын 1902 c. бүтэрбитэ.

Кини өрөбөлүүссүйэ иннинэ төрөппүттэригэр атыы-эргиэн үлэтигэр көмөлөспүтэ, атыыһыттаабыта, суруксут­таабыта. Маҕаһыыннарга приказчик быһыытынан сылдьыбыта. Сунтаар улууһун Сиэйэ, Кутана церковнай-приходской оскуолаларыгар учууталлаабыта, Элгээйи оскуолатыгар попечителинэн, оскуола сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн  үлэлээбитэ. Бодойбо көмүстээх бириис­кэлэригэр төрөппүттэрин кытта  атыыһыттыы хаста да барса сылдьыбыта. Нууччалыы үчүгэйдик билэрэ, саҥарара, ахсааҥҥа-суокка дьоҕурдаа­ҕа атыыһыттыырыгар улахан күүс-көмө буолбута.

1903 сыллаахха «Бүлүү төрдө» диэн бастакы хоһоонун суруйбута. Ити сылтан ыла кини суруйуулара, ыстатыйа­лара Саха сиригэр, Сибиир бэчээтигэр тахсыта­лаан барбыттара. Ити сылтан ыла М.Н. Тимофеев-Терешкин айар-суруйар үлэнэн дьарыктаныыта саҕаламмыта.

1905 сыллаахха сэтинньи 21 күнүгэр «Послание к якутской интеллигенции по вопросу земского управления в Якутской области» диэн суругун суруйбута.

1906 сыл тохсунньу 28 күнүгэр Сиэйэ нэһилиэгин Таҥаратын дьиэтигэр Сунтаар улууһун кулубата Георгий Петрович Терешкин ииппит кыыһа Евдокия Георгиев­налыын (Евдокия Федоровна Александрова) ыал буолаллар. Аҕа кынна Г.П. Тере­шкин уол оҕото суох киһи быһыытынан, бэйэтин аатын үйэтитээри, күтүөтүгэр бэйэтин араспаанньатын Терешкин диэни холбуу сурунарыгар ылынарыгар көрдөспүтэ.

1916 сыллаахха улуус кулубатынан талыллар

1913 сыллаахха сэтинньи 3 күнүгэр Дьокуускай куоракка Романовтар династиялара Арассыыйаҕа ыраахтааҕылаабыттарын 300  үбүлүөйдээх сылын туолуутугар анаммыт сийиэс-мунньахха М.Н. Тимо­феев-Терешкин кыттыыны ылбыта. Ити буолбут сийиэс­кэ М.Н. Тимофеев-Терешкин
«300-летие Дома Романовых» диэн суруктаах  үбүлүөйүнэй үрүҥ көмүс мэтээлинэн үтүө суобастаах үлэтин иһин наҕараадаламмыта.

1916 сыллаахха тохсунньу 22 күнүгэр Сунтаар улууһун кулубатынан 3 сылга талыллар.

1917 сыллаахха Томскай куоракка Сибиир уобаластаа­ҕы Дууматыгар Саха сириттэн дэлэгээтинэн талыллан бара сылдьыбыта. Сибииргэ автономияны олохтоору ити си­­йиэс-мунньаҕы тэрийбиттэрэ. 1918 сыллаахха Томскай куорат университетын юридическай факультетыгар үөрэнэ киирэр.

Сунтаар улууһун тыа хаһаа­йыстыбатын тэрилтэтигэр атыы-эргиэн салаатын сала­йар. «Вилюй Союз» диэн атыы-эр­гиэн холбоһуга тэрээһинигэр үлэлиир, кыттыыны ылбыта.

1920 сыллаахха баай төрүттээҕинэн сибээстээн Бүлүүгэ хаайыллар. Ытылларга (расстрел) ууруллар дьүүлгэ турар. Ахсынньы 12 күнүгэр Ревтрибунал кинини буруйа суоҕунан босхолуур.

Автономия тэриллиитигэр үлэтэ

Саха Автономнай Өрөспүү­бү­лүкэтэ сайдыытыгар М.Н. Ти­мофеев-Терешкин улахан судаа­рыстыбаннай үлэлэргэ таһаарыылаахтык, эп­­пиэттээхтик үлэлээн бэйэтин кылаа­тын киллэрбитэ.

1922 сыллаахха Дьокуускай куоракка ахсынньы 29 күнүгэр буолбут Саха Автономнай Өрөспүүбүлүкэтэ тэрил­лиитин мунньаҕар (сийиэһигэр) Бүлүү уокуругуттан дьокутаатынан  талыллан кыттыыны ылбыта. Саха Автономнай Өрөспүүбүлүкэтэ үөскээһинин тыыннаах туоһутунан буолбута.

Ити буолбут сийиэскэ М.Н. Ти­мофеев-Терешкин Саха Автономнай Өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салайааччыларын М.К. Аммосовы, П.А. Ойуу­нускайы  уо.д.а. кытта ыкса билсибитэ, бодоруспута.

1922 сыллаахха Саха сиригэр сэбиэскэй былаас бигэтик олохтоммутун кэннэ, М.Н. Тимофеев-Терешкин үөрэх­тээх, билиилээх-кө­рүү­лээх, атыы-эргиэн чааһыгар уопуттаах, салайар үлэҕэ дьоҕурдаах киһи диэн Саха сирин бырабыыталыстыбатын үрдүкү салайааччылара М.К. Аммосов, П.А. Ойуунускай, С.М. Аржаков кинини атыы-эргиэн улахан тэрилтэтигэр салайар үлэҕэ ыҥырбыттара.

Биһиги эһээбит М.Н. Тимо­феев-Терешкин Саха сирэ, саха норуота сайдарын туһугар үлэлээри, ити ыҥырыыны ылынан таһаарыылаахтык, эппиэтинэс­тээхтик, үтүө суобастаах­тык үлэлээн барбыта. 1922 сылга Саха АССР Бүлүүтээҕи «Наркомторгпром» атыы-эргиэн тэрилтэтин салайааччытынан ананаат, саҥа тэриллибит Саха Автономнай Өрөспүүбүлүкэтэ сайдарын туһугар туох баар билии­тин-көрүүтүн, өйүн-санаатын ууран туран үлэтин саҕалаабыта.

1923-1924 cc. эһээбит Иркутскайдааҕы, Москватааҕы Caxa ACCP Наркомторгпром атыы-эргиэн тэрилтэтин сүрүннүүр исписэлииһинэн, начаалынньыгынан үлэлээбитэ.

1924 сыллаахха тохсунньу 21 күнүгэр буолбут ССРС Сэбиэтин II сийиэһигэр Саха сирин дэлэгээссийэтин кытта кыттыыны ылбыта. Ити буолбут си­­йиэскэ  В.И. Ленин өлбүтүн туһунан  иһитиннэрбиттэрэ. Онон В.И. Ле­нины бүтэһиктээхтик атаарыыга И.В. Сталины, М.И. Ка­линины, Н.К. Круп­скаяны уо.д.а. илэ хараҕынан көрбүтэ, тыл этэллэрин, саҥаралларын эт кулгааҕынан истибитэ.

М.Н. Тимофеев-Терешкин Москва куоракка ВЦИК иһинэн тэриллибит Caxa сирин бэрэс­тэбиитэлистибэтигэр Caxa ACCP атыы-эр­гиэн бэрэс­тэбиитэлинэн, Саха АССР «Наркомторгпром» Москва­тааҕы тэрилтэтин начаа­лынньыгынан М.К. Аммо­сов салалтатынан үлэлээбитэ.

1925 сыл Саха АССР Бырамыысыланнай управле­ниетын начаалынньыга  (минпро­мышленности), салгыы ЯЦИК чилиэ­нинэн талыллан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын чилиэнэ буолбута. Бырабыыталыстыба элбэх мунньахтарыгар сылдьыбыта, кыттыыны ылбыта.

Кэлин М.Н. Ти­-мофеев-Терешкин «Холбос» потребуопсас­тыбаҕа, «Якутторг»  тэрилтэҕэ 1934 сыллаахха диэри хараҕынан олох көрбөт диэри үлэлээбитэ.

Литэрэтииринэй бириэмийэлээх

М.Н. Тимофеев-Терешкин Саха сирин суруйааччыларыттан биир бастакынан литэрэтииринэй бириэми­йэҕэ тиксибитэ. Кини олоххо тардыһыылаах, үйэ-саас тухары саха норуота, дойдута сайдарын туһугар үлэни өрө туппута. Эдэр эрдэҕиттэн айар-тутар, суруйар дьоҕурдаах буолан, Аҕа дойду сэриитин ыар сылларыгар дойдутугар, норуо­тугар, туһалаах киһи буолаары дьон өйүн-санаатын көтөҕөр, кыайыыга кынаттыыр патрио­тическай хоһооннору суру­йара. Саха саллааттара олоҥхо бухатыырдарын курдук өстөөҕү утары хорсуннук-хоодуотук сэриилэһэллэрин, тыылга хаалбыттар кыайыы туһугар сынньанар диэни билбэккэ таһаа­рыылаахтык үлэлииллэрин туһунан суруйбут матырыйааллара «Якуты на войне», «Якуты в тылу» диэн ааттанан тахсаннар, бүтүн дойду үрдүнэн тарҕаммыттара.

М.Н. Тимофеев-Терешкин суруйуулара Саха сирин суруйааччыларыттан биир бастакынан нууччалыы тыл­баастаммыттара.

1944 сыллаахха Москва куоракка Оҕо литэрэтиирэтин кыһатыгар оҕолорго сэрии туһунан тахсыбыт кинигэҕэ М.Н. Тимофеев-Терешкин «Военные легенды якутов» диэн суруйуута бэчээттэнэн тахсыбыта. Ити суруйуута РСФСР иһинэн ыытыллыбыт бастыҥ суруйуу күрэҕэр дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан литэрэтииринэй бириэмийэ биһирэбилигэр тиксибитэ.

Хос-хос эһээбит суруйуулара Москва, Новосибирскай, Иркутскай, Дьокуускай куораттарга 20-тэн тахса кинигэ буолан бэчээттэнэн тахсан, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ этэ.

Д.Д. Усов, Нам

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

6 часов ago