АДПИ сигнализацията алта киһи олоҕун быыһаата
Саха сиригэр «Уоту сэрэт – АДПИ туруор!» диэн дьиэҕэ буруо таҕыстаҕына сэрэтэр сигнализацияны туруоруу хампаанньата бара турар.
Тэрээһин олорор сирдэргэ баһаартан куттал суох буолуутун сэрэтэргэ туһуланар. Быйыл маннык сэрэтии көмөтүнэн алта киһи олоҕо быыһаммыт. Өрөспүүбүлүкэ Гражданскай оборона уонна олох куттала суох буолуутун министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 2025 сыл саҕаланыаҕыттан кыаммат уонна элбэх оҕолоох 3046 дьиэ кэргэн олохтоох бүддьүөт үбүнэн буруо автономнай сигнализациятынан хааччылынна. Ол иһигэр 463 үлэ бэтэрээннэрин уонна сэрии оҕолорун дьиэ кэргэттэрэ киирэллэр, кинилэр дьиэлэригэр 517 сигнализация туруоруллубут.
Аахсыйа быйыл олунньу 5 күнүттэн саҕаланан баран, ахсынньы 31 күнүгэр түмүктэниэҕэ.
Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/17402 сигэнэн аах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: