Автосервис маастара оҥоро ылбыт массыынатынан айаннаабыт
05.11.2024, 16:47
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:
Дьокуускайга автосервис клиена полицияҕа сайабылыанньа суруйбут. Эр киһи ыйыллыбыт күҥҥэ өрөмүөн кэнниттэн массыынатын ыла тиийбит, көлөтө суох буолан биэрбит.
Клиент массыынатын рихтовкалата биэрбит. Өрөмүөн бүтэрин ый кэриҥэ күүппүт. Быһаарыллыбытынан, бу кэм устата кини массыынатынан автосервис 37 саастаах маастара айанныы сылдьыбыт.
Быһылаанынан «Неправомерное завладение автомобилем или иным транспортным средством без цели хищения» диэн холуобунай дьыала тэрилиннэ. Уорбаланааччы буруйун билинэн, массыынаны сокуоннай хаһаайыныгар тиксэрдэ диэн СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
+1
1
+1
5
+1
+1
+1
6
+1
2
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: